17 Балаҕан ыйа 17.09
  • -2°
  • $ 91,14
  • 101,28

Ахсынньы 29 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

09:01, 29 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой♈️

Бүгүн улахан суолталаах сыалы-соругу туруорунар наадата суох, ситиһэриҥ саарбах. Ол эрээри кыра ситиһиилэриҥ ордук туһалаах түмүгү биэриэхтэрэ.

Оҕус♉️

Бүгүн ким эрэ эйиэхэ соччото суох сыһыанын көрдөрүө. Тас көрүҥҥүттэн саҕалаан ис туруккар тиийэ ырытар киһини истимэ, хомойума.

Игирэлэр♊️

Бүгүн эйигин тулалыыр дьоҥҥо эйэҕэс мичээргин бэлэхтээ, истиҥник махтан.

Рак♋️

Тугу эрэ саҥаны айыаҥ. Онуоха фантазияҕын харыстаама – үйэлэргэ хаалар өйдөбүнньүк буолуон сөп.

Хахай♌️

Бүгүн биир сиргэ олоруоҥ суоҕа. Олус элбэҕи оҥоруохтааххын өйдөөн кэлии-барыы сүпсүлгэнигэр түһүөҥ, элбэх киһини кытта быһаарсыаҥ.

Кыыс♍️

Оҥоруохтааххын ыксаабакка, элбэх киһиэхэ кэпсээбэккэ оҥордоххуна, улахан ситиһиилэниэххин сөп. Барытын аһаҕастык кэпсии сырыттаххына, утарылаһааччы элбэх буолуоҕа.

Ыйааһын♎️

Бүгүҥҥү күнү оҕолору кытта алтыһан атаарарыҥ ордук, онуоха хайаан даҕаны бэйэҥ оҕолоргун кытта диэн буолбатах. Оҕолор киһиэхэ үөрүүнү, үчүгэй настырыанньаны бэлэхтииллэр.

Скорпион♏️

Дьон этэрин барытын бэйэҕэр ылынан иһимэ. Хайаан даҕаны бары соруйан эйигин өһүргэтээри оҥорор буолбатахтар, сороҕо олох даҕаны эйиэхэ сыһыана суох буолуон сөбүн өйдөө.

Охчут♐️

Бүгүн соҕотох хаала сатаабакка, улахан хампаанньаны кытта сынньан. Саамай бэһиэлэй, кэпсэтинньэҥ киһи эн буолуоҥ.

Чубуку♑️

Бүгүн туораттан көрөөччү быһыытынан сылдьарыҥ ордук. Оччоҕо эйиэхэ ким мэһэйдии сатыырын өйдөөн көрүөххүн сөп.

Күрүлгэн♒️

Кыһалҕа тирээтэҕинэ, күүһүҥ көмөтүнэн буолбакка, өйгүнэн быһааран уустук балаһыанньаттан тахса сатаа. Оннук гымматаххына, кыайыаҥ суоҕа.

Балыктар♓️

Бүгүн тугу даҕаны былааннаама, иннигэр туох күүтэрин таайа сатаама.

Аһаҕас источниктартан

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар