1921 сыллаахха Кыым хаһыат аан бастаан «Манчаары» диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр Былатыан Ойуунускай, Алексей Бояров, Анемподист Софронов-Алампа көхтөөхтүк кыттыбыттара.
1896 сыллаахха — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Степан Васильев төрөөбүт.
1925 сыллаахха — нуучча чулуу бэйиэтэ Сергей Есенин олохтон барбыт.
Ахсынньы 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 362-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 363-c күнэ). Сыл бүтүө 3 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Киинэ аан дойдутааҕы күнэ
- Азербайдьан — Албакаат күнэ
- Испания — Күлүү күнэ
- Калмыкия — Калмыык омугун депортациятын толук буолбут дьонун ахтар күн
Түбэлтэлэр:
- 1733 — Хаһаах полковнига Борис Серединин Саха сирин бойобуодатын солотуттан 1733 сыл ахсынньы 28 күнүгэр уурайбыт. Кини оннугар лейб-гвардия капитана Алексей Заборовскай анаммыт.
- 1895 — ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
- 1919 — «Холбос» сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ «Холбос» 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга ороскуоттаныахтаах үп-харчы ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарыгар отделениелары арыйарга быһаарбыттар.
- 1919 — Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
- 1921 — Кыым (хаһыат) аан бастаан «Манчаары» диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара — Былатыан Ойуунускай, Алексей Бояров, Анемподист Софронов — Алампа.
- 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан НКВД сэриилэрэ калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройоуннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.
- 1953 — Дьокуускайга Мараат болуоссатыгар гражданскай сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньык тутарга быһаарыы ылыллыбыта.
- 1968 — Израиль спецнааһа Бейрут куорат аэропордугар 14 пассажирскай сөмөлүөтү урусхаллаабыт.
- 1973 — Парижка аан бастаан Солженицын «Архипелаг ГУЛАГ» айымньыта бэчээттэнэн тахсыбыт.
- 1991 — Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
- 1997 — Ил Түмэн дьокутааттарын бастакы ыҥырыыта дьокутааттар иккис ыҥырыылаах куорпустарынан солбуллубут.
- 1998 — Өрөспүүбүлүкэҕэ «Сылгыны иитии туһунан» сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
- 1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
- 1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
- 1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
- 1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
- 1969 — Линус Торвальдс (Linus Benedict Torvalds) — аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи.
Өлбүттэр:
- 1925 — нуучча чулуу бэйиэтэ Сергей Есенин олохтон барбыт. Судаарыстыба билиммит версиятынан поэт бэйэтигэр тиийиммит, ол гынан баран бу өлүү элбэх билиҥҥэ дылы быһаарылла илик дьиктилэрдээх.
- 1933 — Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.