Ахсынньы 25 күнэ. Католическай Ороһооспо күнэ - Бикипиэдьийэ

Григориан халандаарынан Ороһооспо бэлиэтэнэр. Бу күн биһиги эрабыт 4-с дуу 6-с дуу сылыгар Рим импиэрийэтигэр Ирод ыраахтааҕы дойдутугар Иерусалимтан чугас Вифлеем диэн кырачаан куорат аттыгар кэлин Иисус Христос диэн ааттаммыт киһи төрөөбүт.

Бэлиитикэ диэйэтэлэ, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ Александра Овчинникова төрөөбүт. 

Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачев ССРС бэрэсидьиэниттэн уурайбыт.


Ахсынньы 25 диэн Григориан халандаарыгар сыл 359-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 360-c күнэ). Сыл бүтүө 6 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1854 — Ричард Маак эспэдииссийэтин икки бөлөҕүттэн сүрүннэрэ Өлөөн сиригэр Хуриҥда күөлгэ тиийэ сылдьан баран уһун унньуктаах айан кэнниттэн төннөн иһэн Чуона өрүс төрдүгэр тиийбит. Бу кэнниттэн тохсунньуга Павловскай учуутал салалталаах бөлөҕү кытта Сунтаарга холбоспуттар.
  • 1903 — Илин Сибииргэ көскө сылдьан «Искра» хаһыаты тарҕаппытын иһин өрөбөлүссүйэниэр Иван Бабушкины өссө ыраатыннаран Дьокуускайга аҕалбыттар. Салгыы Үөһээ Дьааҥы уокуругар утаарбыттар. Онно 1905 сыллаахха амнистия биллэриллиэр диэри олорбута.
  • 1905 — Новороссия өрөспүүбүлүкэтэ хам баттаммыт.
  • 1914 — Александра Яковлевна Овчинникова төрөөбүт, 1963—1980 сс. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
  • 1917 — Украинаҕа сэбиэскэй былаас олохтоммут.
  • 1941 — Керчь-Феодосия десантнай операцията саҕаламмыт.
  • 1977 — Израиль премьер-миниистирэ Менахем Бегин Эгиипэт бэрэсидьиэнин Мохаммед Анвар ас-Садаты кытта көрсүбүттэр.
  • 1979 — Афганистааҥҥа Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ киирбиттэр.
  • 1991 — Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачёв ССРС бэрэсидьиэниттэн уурайбыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

This post was published on 25.12.2020 09:01 09:01