Хой♈
Сулустар эйиэхэ бары көрсүһүүлэртэн, мөккүөрдэртэн аккаастанарга дьулуһуҥ дииллэр. Алтыһыы улахан эрэйинэн тахсыаҕа, түмүгэр иирсээннээх быһыы-майгы буолуоҕа
Оҕус♉
Төһө кыалларынан элбэҕи ситиһиэххин баҕарбытыҥ иһин, үлэҕин кыра-кыралаан кээмэйдээн үлэлээ, биирдэ барытыгар саба түһүмэ
Игирэлэр♊
Интэриэһинэй идеялары уонна күүтүллүбэтэх этиилэри былаанныаххыт. Эһиги бииргэ үлэлиир партнердаргыт уонна биир санаалаахтаргыт эһиэхэ оптимизмы уонна эрэли үөскэтиэхтэрэ. Ол гынан баран, күннэтэ үлэ бытааннык, күүрээннээхтик бара турар
Рак♋
Эйигин тыҥааһыннаах уонна табыгаһа суох үлэ күнэ күүтэр. Эһиги тулалыыр дьон тылларыгар улаханнык хардарыаххытын, өһүргэниэххитин, иирсээни саҕалыаххытын сөп. Дьону- сэргэни холкутук ылынарга, барыларыгар барыстаах, уопсай быһаарыыны көрдүүргэ дьулуһуҥ. Чугас дьоҥҥутугар өйөбүл буолуҥ
Хахай♌
Саҥа дьыалалар уонна бырайыактар саҕаланалларыгар лидер хаачыстыбаларгын көрдөрүөххүн наада. Ким эрэ көрдөһүүтүн чахчыга олоҕуран сыаналааҥ. Бэйэҥ туруккар болҕомтоҕун уур
Кыыс♍
Мунньуллубут кыһалҕалары барытын ырытан көрүҥ. Эйиэхэ урут ууруллубут уустук боппуруостары быһаарсар кыаххыт суох. Ким эрэ эйиэхэ туһалаах сүбэни биитэр туһалаах этиини оҥоруон сөп
Ыйааһын♎
Эһиги чугас дьоҥҥут тус олоххор сыһыаннаах табыгаһа суох боппуруостары ыйытыахтара, сүбэ-ама биэрэргэ дьулуһуохтара. Бу темаҕа кэпсэтиэн баҕарбат буоллаххына дьиэҕэр олорбот ордук
Скорпион♏
Саҥа күн тугунан эрэ саҥаны, билиини ылыыга, наадалаах үөрэхтэри баһылааһыҥҥа сөп түбэһэр. Бу дьыалаҕа киирдэххитинэ, кэлэр өттүгэр эһиэхэ үчүгэй хамнаһы аҕалыаҕа. Урукку быһаарыллыбыт боппуруостарга эбэтэр кыһалҕаларга төннөр түгэн баар буолуо
Охчут♐
Эһиги бюджеккытын уонна үбү- харчыны кэмчилииргитин хаттаан көрөргө тоҕоостоох күн. Кэнники кэмҥэ элбэх үбү ороскуоттаан эрэҕин. Эйигин тулалыыр эйгэттэн ким эрэ сыаналаах сүбэни биитэр идеяны киллэриэ
Чубуку♑
Бу уустук уонна күүтүллүбэтэх быһыыттан тахсыахтааххыт. Оннооҕор чугас дьонун мөккүһэ сатыыллар эбэтэр сэмэлээн этиини оҥоро сатыыллар
Күрүлгэн♒
Баҕар, олус элбэҕи оҥороргут эбэтэр тугунан да дьарыктаммаккыт иһин, тыҥааһыннаах быһыы-майгы үөскүөн сөп. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ үчүгэйгэ эрэли үөскэтимэҥ.
Балыктар♓️
Конфликтнай быһыыга-майгыга түбэспэт туһуттан дьоҥҥо эйэҕэс буолуҥ уонна уустугурда сатаамаҥ. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта бодоруһуҥ, киэҥ кэпсэтиигэ аралдьыйымаҥ. Бэйэҥ тус кыһалҕаҥ эбэтэр доруобуйаҥ туһунан толкуйдуур туһалаах.
Аһаҕас источниктартан