Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Дьон биир санааланыытын (солидарность) күнэ
- Арассыыйа — Арассыыйа куттала суох буолуутун үлэһиттэрин күнэ
- Армения, Беларусь, Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай уонна национальнай куттала суох буолуу үлэһиттэрин күнэ
- Гвиана, Реюньон — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ (фр. Fête des Cafres)
- Мьянма — Бо Аунг Чжо күнэ. Бу Рангун университетын устудьуонун 1938 сыллаахха устудьуоннар көҥүл иһин үһүс бойкоттарын кэмигэр Британия аттаах полицията өлөрбүт.
- Макао — Макао ураты дьаһаллар оройуон быһыытынан төрүттэммит күнэ
Түбэлтэлэр
- 1192 — Англия хоруола Ричард I Үһүс Кириэстээх бохуоттан төннөн истэҕинэ Австрия хоруола Леопольд V тутан ылан хаайан кэбиспит. Ричард I (норуокка ордук биллибит аата Хахай Сүрэх Ричард) 1189 сылтан 1199 сыллаахха өлүөр диэри Англия хоруола этэ. Маны таһынан Нормандияҕа, Аквитанияҕа, Гасконьҥа герцог, Кипрга лорд, Пуатьеҕа, Анжуга, Мээҥҥэ уонна Нантка граф, Бретаньҥа Overlord диэн титуллаах салайбыта.
- 1408 — Үөдүгэй (нууч. Едигей, Едигу) хаан Москубаттан дьиэтигэр төннүүтүн саҕалаабыт. Бу монгуол-татаардар Руська бүтэһик бөдөҥ эспэдиссийэлэрэ этэ.
- 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа Саҥа Дьылы бэлиэтээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 1-гар көһөрөргө уурбут.
- 1803 — Саҥа Орлеаҥҥа АХШ Францияттан Луизиананы атыылаһыытын церемонията ааспыт. Франция Испанияттан соторутааҕыта ылбыт Хотугу Америкатааҕы олус киэҥ сирин-уотун АХШ-ка 10 млн долларга атыылаабыт.
- 1917 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.
- 1934 — Мордовия АССР тэриллибит. Бу иннинэ Мордовия автономиялаах уобалаһын быһыытынан Куйбышев кыраайыгар киирэрэ (билигин Самаара уобалаһа). Сэбиэскэй кэмҥэ икки уруулуу гынан баран бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт эрзя уонна мокша омуктары биир омук дииллэрэ, мордва диэн ааттыыллара, ол дьон тылларын билбэт сыдьааннара билигин да мордваларбыт дэнэллэр.
- 1942— Аан дойду Иккис сэриитэ: дьоппуон сөмүөлүөттэрэ Калькуттаны (Ииндийэ) буомбалаабыттар.
- 1971 — Кыраныыссаны билиммэккэ дьоҥҥо көмөлөһөр «Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
- 1989 — АХШ сэбилэниилээх күүстэрэ Панаамаҕа саба түспүттэр, Мануэль Норьега былаастан туоратыллыбыт. Норьега «тымныы сэрии» кэмигэр АХШ диэки этэ, ФБР-тан тус бэйэтэ хамнас ылара, ол эрээри кэлин наркотик атыылааһына биллэн хаалан (Ираан-Контрас диэн ааттаммыт айдаан, холобур), АХШ салалтатын кытта тапсыбат буолбута. Тиһэҕэр утарбыта. АХШ Панаамаҕа саба түһүүтүн ХНТ уонна Америка дойдуларын холбоһуга аан дойду быраабын кэһии быһыытынан сыаналаабыттара.
- 1991 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн олорбут Михаил Николаев кыайыылаах тахсыбыт.
- 1995 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
- 1996 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан улуус кыттыылаах Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит. 2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.
- 1999 — Португалия колонията Макао Кытайга бэриллибит.
Төрөөбүттэр
- 1927 — Иван Федосеев — Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ критигэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
- 1929 — Иннокентий Рожин — 1969—2002 сылларга Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун ытык киһитэ.
- 1932 — Николай Борисов — Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
- 1934 — Василий Лебедев — эбээн бэйиэтэ, филолог.
- 1934 — Яков Васильев — физкультура учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- 1948 — Николай Захаров — Сахаачча — саха аатырбыт тустууга, кини аата Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар иҥэриллибит.
Өлбүттэр
- 1722 — Канси (1654 төр.), манчжур Цин династиятын Кытайы салайбыт төрдүс импэрээтэрэ (1661—1722).
- 1998 — сэр Алан Ходжкин (1914 төр.), Британия нейрофизиолога уонна биофизигэ, Нобель физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ бириэмийэтин лауреата (1963).
This post was published on 20.12.2021 09:12 09:12