Ахсынньы 2 күнэ.1849 сыллааҕы Охуоскай кыраай - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1409 — Лейпциг университета аһыллыбыт.
  • 1766 — Швеция түмэнэ Бэчээт көҥүлүн туһунан сокуону ылбыт, бу сокуон аан дойдуга тыл көҥүлүн туһунан бастакы сокуон буолбута.
  • 1805 — Аустерлиц кыргыһыытыгар Наполеон Улуу Аармыйата баһыйар ахсааннаах Арассыыйа уонна Австрия импиэрийэлэрин холбоhуктаах сэриилэрин урусхаллаабыт. Түмүгэр Австрия элбэх сири сүтэрэн сэрииттэн тахсарга күһэллибит.
  • 1849 — Саха уобалаһыгар уокурук бырааптаах Охуоскай кыраай киирбит.
  • 1908 — Кытай бүтэһик императора Пу И икки сааһыгар бүрүстүөлгэ олорбут.
  • 1942 — АХШ Чикаготыгар Италияттан төрүттээх учуонай Энрико Ферми бастакынан хонтуруолланар субурҕа ядернай реакцияны ыыппыт.
  • 1971 — Сэбиэскэй Сойуус станцията «Марс-3» аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Марс ньууругар олорбут.
  • 1949 — Дьону атыылыыры уонна проституцияны утарар Конвенция ылыныллыбыт.
  • 1950 — Кэриэйэ сэриитэ: Чонгчон өрүскэ кыргыһыыга Кытай сэриилэрэ ХНТ сэриитин үлтүрүтэн, Хотугу Кэриэйэттэн үүрбүттэр.
  • 1961 — Кууба баһылыга Фидель Кастро бэйэтин марксист-ленинец диэн ааттаммыт уонна Кууба хомуньууһуму ылынарын биллэрбит.
  • 1982 — АХШ-ка Барни Кларк диэн киһиэхэ аан дойду устуоруйатыгар бастакынан оҥоһуу сүрэх олордубуттар.
  • 2001 — Enron моҥкуруут буоларын туһунан биллэрбит.
  • 2005 — «О защите государственной собственности в алмазно-бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия)» диэн боротокуолга илии баттаммыт. Бу докумуоҥҥа АЛРОСАны федерализциялааһын механизма бигэргэтиллибит. Боротокуол чэрчитинэн федеральнай киин АЛРОСА хампаанньа 50% +1 акциятын бас билбитэ. Кэлин 2013 сыллаахха Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аахсыйаларын 7-лии бырыһыанын кэтэх бас билиигэ атыылаабыттара.
  • 2007 — Арассыыйаҕа бэһис ыҥырыылаах Дуумаҕа быыбар буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 02.12.2021 08:59 08:59