Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдуга Кулуттааһыны суох гыныы күнэ
- Арассыыйа — Баан үлэһитин күнэ
- Кууба (дойду) — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Лаос — Дойду күнэ
- ХАЭ — Дойду күнэ
Түбэлтэлэр
- 1409 — Лейпциг университета аһыллыбыт.
- 1766 — Швеция түмэнэ Бэчээт көҥүлүн туһунан сокуону ылбыт, бу сокуон аан дойдуга тыл көҥүлүн туһунан бастакы сокуон буолбута.
- 1805 — Аустерлиц кыргыһыытыгар Наполеон Улуу Аармыйата баһыйар ахсааннаах Арассыыйа уонна Австрия импиэрийэлэрин холбоhуктаах сэриилэрин урусхаллаабыт. Түмүгэр Австрия элбэх сири сүтэрэн сэрииттэн тахсарга күһэллибит.
- 1849 — Саха уобалаһыгар уокурук бырааптаах Охуоскай кыраай киирбит.
- 1908 — Кытай бүтэһик императора Пу И икки сааһыгар бүрүстүөлгэ олорбут.
- 1942 — АХШ Чикаготыгар Италияттан төрүттээх учуонай Энрико Ферми бастакынан хонтуруолланар субурҕа ядернай реакцияны ыыппыт.
- 1971 — Сэбиэскэй Сойуус станцията «Марс-3» аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Марс ньууругар олорбут.
- 1949 — Дьону атыылыыры уонна проституцияны утарар Конвенция ылыныллыбыт.
- 1950 — Кэриэйэ сэриитэ: Чонгчон өрүскэ кыргыһыыга Кытай сэриилэрэ ХНТ сэриитин үлтүрүтэн, Хотугу Кэриэйэттэн үүрбүттэр.
- 1961 — Кууба баһылыга Фидель Кастро бэйэтин марксист-ленинец диэн ааттаммыт уонна Кууба хомуньууһуму ылынарын биллэрбит.
- 1982 — АХШ-ка Барни Кларк диэн киһиэхэ аан дойду устуоруйатыгар бастакынан оҥоһуу сүрэх олордубуттар.
- 2001 — Enron моҥкуруут буоларын туһунан биллэрбит.
- 2005 — «О защите государственной собственности в алмазно-бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия)» диэн боротокуолга илии баттаммыт. Бу докумуоҥҥа АЛРОСАны федерализциялааһын механизма бигэргэтиллибит. Боротокуол чэрчитинэн федеральнай киин АЛРОСА хампаанньа 50% +1 акциятын бас билбитэ. Кэлин 2013 сыллаахха Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аахсыйаларын 7-лии бырыһыанын кэтэх бас билиигэ атыылаабыттара.
- 2007 — Арассыыйаҕа бэһис ыҥырыылаах Дуумаҕа быыбар буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1876 — Юсуф Акчурин — татаар суруйааччыта, суруналыыс, устуорук, бэлиитик, түркчүлүк (пантюркизм) идеолога.
- 1929 — Федот Потапов — драматург, режиссер. 1961—1983 сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна дыраама, кэлин дыраама тыйаатырын сүрүн режиссера, 1985 сыл ыам ыйыттан Нүөрүҥгүрү куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи куукула тыйаатырын режиссера. РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1936 — Николай Тихонов — экэниэмикэ билимин дуоктара, профессор, Аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын, Хотугу форум академиятын академига, Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа.
- 1948 — Афанасий Дьяконов (13.07.1990 өлб.) — Саха сиригэр XVIII-XIX үйэлэргэ түүлээх бултааһынын уонна эргиэнин чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1970 — Эрнст Березкин — саха бэлиитигэ, Ил Түмэн III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, 2002-2005 сылларга СӨ Үп миниистирэ. 2014 сыллаахха СӨ Ил Дарханын быыбарыгар хандьыдаат (2-ис миэстэ, 29% куолас).
Өлбүттэр
- 1547 — Эрнан Кортес — Миэксикэни сэриилээбит, ацтектар судаарыстыбаларын сууһарбыт Испания конкистадора.
- 1969 — Климент Ворошилов (1881 төр.), сэбиэскэй аармыйа, баартыйа уонна судаарыстыба диэйэтэлэ, Сэбиэскэй Сойуус бастакы маршалларыттан биирдэстэрэ.
- 1974 — Зинаида Ермольева (1898 төр.), сэбиэскэй микробиолог, эпидемиолог, антибиотик айааччы.
- 1979 — Василий Соловьёв-Седой (1907 төр.), композитор, пианист, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, ССРС норуодунай артыыһа.