Ахсынньы 19 күнэ. Ан-24 сөмөлүөтү Дьокуускайтан күрэтии, "Титаник" таптала - Бикипиэдьийэ

1985 сыл ахсынньы 19 күнүгэр Дьокуускай Нүөрүҥгүрү Чита Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот күрэтэр уонна Кытайга илдьэр. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар «аварийнай посадка» оҥорорго күһэллэр. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх. Оттон 1997 сыллаахха бу күн «Титаник» киинэ премьератыгар сылдьан «ытаабыт» киһи элбэҕэ буолуо.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1863 — Англия айааччыта Фредерик Уолтон линолеуму патеннаабыт.
  • 1915 — Дьокуускайга бирикээсчиттэр кулууптарыгар Василий Никифоров — Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» пьесатын туруорбуттар. Бу саха бастакы пьесата.
  • 1927 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.
  • 1939 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
  • 1946 — Франция урукку колониятын Индокитайы бэйэтин былааһыгар төннөрөр сыаллаах сэрии саҕалаабыт. Аҕыс сыллаах босхолонуу сэриитин Хо Ши Мин баһылыктаах Вьетнам хомуньуустара уонна националистара («Вьетминь» хамсааһын) кыайбыттара.
  • 1984 — Гонконг куоратын Британияттан Кытайга 1997 сыллаахха төннөрөр туһунан декларация ылыллыбыт. Гонконг Кытай састаабыгар киирбитин кэннэ 50 сыл тухары «биир дойду, икки систиэмэ» диэн идиэйэ тутуһуллуохтааҕа этиллибит.
  • 1985 — Дьокуускай Нүөрүҥгүрү Чита Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот угоннаабыт уонна Кытайга илдьибит. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар аварийнай посадка оҥорорго күһэллибит. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх.
  • 1997 — «Титаник» диэн киинэ премьерата буолбут.
  • 2001 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай үрдүк салгын баттааһына — 1085,6 гПа (814,3 мм рт. ст.) — Монголия хотугу Хубсугул аймагар бэлиэтэммит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 19.12.2020 09:01 09:01