Чэй, уу кэнниттэн, аан дойдуга саамай иhиллэр утах. Утаҕы бэрткэ ханнарар. Карбогидрата, сыата эбэтэр протеина суох. Чэй, сорох омуктар култуураларыгар улахан суолталаах. Холобур, Кытайга уонна Дьоппуоҥҥа чэйи оргутуу уонна иhии туспа анал церемония. Нууччалар чэйи саахардаан иhэллэр, ааҥллар үүттээн, монголлар арыылаан уонна туустаан. Америка соҕуруу штаттарыгар тымныы муустаах чэйи ордороллор. Узбекистааҥҥа анал чэй иhэр дьиэ — чайхана — дьон саамай сылдьар сирэ.
Бу күн саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха бастакы кэмиэдьийэ суруйааччыта, прозаик, бэйиэт Николай Неустроев уонна 1995—2002 сылларга Ньурба улууһун баһылыгынан үлэлээбит Варвара Петрова төрөөбүт күннэрэ.
Ахсынньы 15 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 349-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 350-c күнэ). Сыл бүтүө 16 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Дойдулар ардыларынааҕы чэй күнэ
- Заменгоф күнэ (эсперанто тылын төрүттээбит киһи)
- Арассыыйа — Арассыыйа Салгын-сэбилэниилээх күүстэрин Радиотехническэй сэриилэр тэриллиилэрин күнэ
- Арассыыйа — Идэлэрин эбээһинэстэрин толоро сылдьан өлбүт суруналыыстар кэриэстэбиллэрин күнэ
- Украина — Суут үлэһиттэрин күнэ
- АХШ — Бырааптар тустарынан билль күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1055 — Мусульманнар духовнай басханнара халиф олорор куоратын Багдады Тоҕрул бек баһылыктаах сельдьуктар ылбыттар.
- 1919 — Түүн Дьокуускай гарнизона уонна өрө турбут оробуочайдар утарылаһыыта суох переворот оҥорбуттар, колчаковскай режим суулларыллыбыт. Хаайыыттан босхоломмуттар: Х.А. Гладунов, Степан Аржаков, Л.Л. Даниш уо.д.а. Хаайыллыбыттар: уобалас коммиссара В.С. Соловьев, гарнизон салайааччыта Каменскай, куорат кулубата Павел Юшманов, уобалас быраабатын бэрэссэдээтэлэ Василий Никифоров — Күлүмнүүр, Гавриил Ксенофонтов уо.д.а. Сарсыарданан былааһы Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб ылбыт, Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан Болеслав Геллерт буолбут. Аҕыйах күнүнэн ахсынньы 28-гар Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
- 1945 — Америка Дьоппуону оккупациялыыр кэмигэр генерал Дуглас МакАртур дьаһалынан синто итэҕэлэ Дьоппуон судаарыстыбаннай итэҕэлэ буолан бүппүт.
- 1970 — «Венера-7» диэн Сэбиэскэй Сойуус станцията ситиһиилээхтик Чолбон ньууругар олорбут. Бу аан дойду устуоруйатыгар бастакытын Сиртэн ыытыллыбыт аппарат атын планетаҕа олоруута буолбут.
- 1973 — Америкатааҕы психиатрия ассоциацията 13–0 куолаһынан гомосексуализмы уйулҕа (психика) ыарыыларын официальнай тиһиликтэриттэн таһаарарга быһаарбыт.
- 1978 — Кытай уонна АХШ дипломатическэй сыһыаны көннөрөргө сөбүлэспиттэр. Бу саҕана ССРС уонна Кытай ыккардыларынааҕы сыһыан тыҥаан турар этэ. Инньэ гынан АХШ уонна Кытай Сэбиэскэй Сойууһу утары куомуннаспыттар. Бу түгэн Тымныы сэрии түмүгүн быһаарбыт дииллэр.
- 1990 — Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ Кыргыстаан судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1895 — Неустроев Николай Денисович — саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха бастакы кэмиэдьийэ суруйааччыта, прозаик, бэйиэт.
- 1936 — Варвара Петрова (11.03.2012 өлб.) — 1995—2002 сылларга Ньурба улууһун баһылыга. Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Абый улууһун, Горнай улууһун, Муома улууһун уонна Ньурба улууһун ытык киһилэрэ.
This post was published on 15.12.2020 09:01 09:01