Ахсынньы 13 күнэ. Бикипиэдьийэ Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэстэрин туһунан суруйар

Бикипиэдьийэ бэлиэтииринэн, 1989 сыллаахха бу күн Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэһэ буолбут. Онно Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацията тэриллибит. Билигин хотугу норуоттар доруобуйаларын, олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга болҕомто күүскэ ууруллар. 2021 сылга Саха сирин Арктикатыгар 25 мэдиссиинэ тэрилтэтэ арыллыаҕа.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1466 — Донателло — Италия аатырбыт Ренессанс кэминээҕи скульптора.
  • 1904 — Николай Склифосовскай — үтүөлээх нуучча профессора, Елена Павловна клиническэй институтун дириэктэрэ, байыаннай-полевой уонна ис тиибин көҥдөйүн хирургиятын ааптара. Саха аатырбыт бырааһа Прокопий Сокольников киниэхэ үөрэммитэ биллэр.
  • 2005 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.
  • 2017 — Ньургун Тимофеев — саха бэлиитигэ, 2005—2008 сылларга Ил Түмэн бэрэстээтэлэ, техника билимин хандьыдаата, Нам уонна Өлөөн улуустарын Ытык олохтооҕо.

This post was published on 13.12.2020 09:01 09:01