Хайа күнүн 2003 сыллаахтан бэлиэтииллэр. Анал күнү аныыр туһунан быһаарыыны ХНТ 2002 сыллаахха — Хайа аан дойдутааҕы сылыгар ылыммыт. Бу күн хайалаах эрэгийиэннэри сайыннарар туһунан тобулаллар, кинилэр кыһалҕаларыгар болҕомто тардаллар.
1946 сыллаахха ЮНИСЕФ оҕо пуондата — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ олохтоммут.
1994 сыллаахха бастакы Чэчиэн сэриитэ саҕаламмыт.
Александр Солженицын, Андрей Макаревич төрөөбүттэр, Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай өлбүт күнэ.
Ахсынньы 11 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 345-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 346-c күнэ). Сыл бүтүө 20 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
Түбэлтэлэр:
- 1946 — ХНТ Оҕо пуондата эбэтэр ЮНИСЕФ — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ олохтоммут.
- 1950 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ «Дьокуускайдааҕы куорат бензоколонкатын тэрийэр туһунан» уураах ылыммыт.
- 1972 — Ыйга сылдьыбыт киһилээх хараабыллартан бүтэһигэ Аполлон-17 Ый ньууругар олорбут.
- 1991 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Саха ССР сирин баайын бас билэр боломуочуйатын туһунан» ыйаахха илии баттаабыт.
- 1994 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтигэр аармыйа киллэрэргэ дьаһайбыт, Бастакы чэчиэн сэриитэ саҕаламмыт.
- 2001 — Кытай Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр (ВТО) киирбит.
Төрөөбүттэр:
- 1911 — Нагиб Махфуз — Эгиипэт суруйааччыта, 1988 с. Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин кыайыылааҕа. Аныгы араб литэрэтиирэтин ордук биллиилээх суруйааччыларыттан биирдэстэрэ.
- 1911 — Цянь Сюэсэнь — кытай учуонайа, чинчийээччитэ, Кытай халлаан куйаарын (космос) программатын төрүттээччитэ, АХШ космос программатын кыттыылааҕа, кытай баллистическай ракеталарын оҥорбут киһи.
- 1918 — Александр Солженицын — нуучча суруйааччыта, драматург, публицист, бэйиэт, түмэт диэйэтэл, 1970 сыллааҕы Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин лауреата.
- 1953 — Андрей Макаревич — нуучча ырыаһыта, музыкант, «Машина времени» бөлөх басхана, РФ норуодунай артыыһа.
- 1969 — Вишванатан Ананд — Ииндийэ гроссмейстерэ, саахымакка аан дойду 15-с чөмпүйүөнэ.
Өлбүттэр:
- 1981 — Степан Стручков — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакынан комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу улэһит, бастакы тракторист, электрик уонна рационализатор.
- 1995 — Николай Якутскай — Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар сүрүн эрэдээктэрдэрэ.
This post was published on 11.12.2020 09:01 09:01