Киһи быраабын күнэ аан дойдуга 1950 сыллаахтан бэлиэтэнэр. СССРга 1977 сыллаахтан бу күн Москуба Пушкин болуоссатыгар «Митинг молчания» ыытыллара. Арассыыйаҕа 2001 сыллаахтан бу күн суруналыыстарга Андрей Сахаров бириэмийэтин туттараллар.
Бүгүн футбол, харамайдар бырааптарын аан дойдутааҕы күннэрэ. Арассыыйаҕа ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ.
Манчаары Баһылай, Николай Некрасов, Максим Аммосов төрөөбүттэр, Альфред Нобель күн сириттэн күрэммит күннэрэ.
Ахсынньы 10 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 344-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 345-c күнэ). Сыл бүтүө 21 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Киһи быраабын күнэ
- Дойдулар ардыларынааҕы харамайдар (кыыллар) бырааптарын күнэ
- Аан дойдутааҕы футбол күнэ
- Марий Эл (Арассыыйа) — Мари суругун-бичигин күнэ
- Арассыыйа — Ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ
- Таиланд — Конституция күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1724 — Иркутскайдааҕы епископ III-үс Иннокентий Амма Солобуодатыгар умайбыт таҥара дьиэтин оннугар саҥаны тутарга уураах таһаарбыт.
- 1768 — Британия энциклопедиятын маҥнайгы таһаарыыта бэчээттэммит.
- 1799 — Франция уһун официальнай кээмэйин быһыытынан метры ылыммыт.
- 1901 — Швеция киин куоратыгар Стокһольмҥа бастакы Нобель бириэмийэлэрэ анаммыттар.
- 1930 — «О новом административно-территориальном районировании в Якутской Автономной Социалистической Республике» диэн ЯЦИК уурааҕынан Булуҥ уокуруга суох оҥоһуллубут. Ити күҥҥэ «Об организации национальных объединений в районах расселения малых народностей Севера» уурааҕынан национальнай (эбээн, эбэҥки, дулгаан) оройуоннар тэриллибиттэр, ол иһинэн урукку Булуҥ уокуругун сиригэр: Анаабыр национальнай (киинэ — Удьаа), Булуҥ национальнай (киинэ — Булуҥ), Эдьигээн национальнай (киинэ — Эдьигээн). Ону кытары Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү-Марха национальнай оройуона (киинэ — Чуона өрүһүн төрдүгэр, 1931 сыллаахтан Садын оройуона) уонна соҕуруу өттүгэр Тукулаан национальнай оройуона (киинэ — Алдан өрүһүгэр Томмот аттыгар) тэриллибиттэрэ.
- 1930 — РСФСР иһигэр Остяк-Вогул, Ямал-Ненец, Таймыыр (Дулгаан—Ненец), Эбэҥки, Витим-Өлүөхүмэ (Эбэҥки), Чукотка, Коряк уонна Лаамы-Эбээн национальнай уокуруктара тэриллибиттэр. Бу уокуруктарга элбэх сир Саха АССР-тан таһаарыллыбыта, кэлин сорох уокуруктар эһиллибиттэрин кэннэ ол сирдэр ыаллыы сытар эрэгийиэннэр састааптарыгар киирбиттэрэ.
- 1932 — Таиланд конституциялаах монархияҕа кубулуйбут.
- 1948 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Киһи быраабын биирдэһиллибит декларациятын ылыммыт.
- 1951 — «Правда» хаһыакка «Саха литературатын устуоруйатын сөпкө сырдатар туһугар» диэн Семен Борисов ыстытыйата бэчээттэммит. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев туcтарынан «Три якутских просветителя-реалиста» диэн кинигэ ааптара Георгий Башарин устуоруйаны фальсификациялыырга буруйдаммыта.
- 1984 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Пытка утары конвенцияны билиммит.
- 1996 — Нельсон Мандела Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин саҥа конституциятыгар илии баттаабыт. Бу дойдуга мантан ыла раасалар тэҥ бырааптаммыттар.
- 1997 — Казахстан киин куората Алматыттан Акмолаҕа (Нур-Султааҥҥа) көһөрүллүбүт.
Төрөөбүттэр:
- 1805 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров — Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.
- 1815 — Ада Лавлейс — Англия математига. Чарльз Бэббидж суоттуур массыынатын ойуулаабытынан уонна бастакынан программа суруйбутунан биллэр.
- 1821 — Николай Некрасов — бэйиэт, прозаик, публицист, нуучча литэрэтиирэтин классига.
- 1890 — Ахмад-Заки Валиди-Тоҕан (Валидов) — бэлиитикэ диэйэтэлэ, башкиир омугун босхолонор хамсааһын баһылыга (1917—1920 сс.); публицист; историк, востоковед-тюрколог, бөлөһүөпүйэ дуоктара (1935), профессор, Манчестер университетын бочуоттаах дуоктара (1967).
- 1897 — Максим Аммосов — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
Өлбүттэр:
- 1896 — Альфред Нобель — Швеция учуонайа, инженера, сэрии сэбин оҥорооччута. Динамиты айбытынан уонна Нобель бириэмийэтин олохтообутунан киэҥник биллэр.
- 1917 — Прокопий Сокольников — саха бастакы идэтийбит бырааһа, уопсастыбаннай диэйэтэл, сырдатааччы.
- 1935 — Алексей Пономарев — Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин олохтооҕо, 128 сааһыгар тиийбит ытык кырдьаҕас.
- 1964 — Павел Кугаевскай — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
This post was published on 10.12.2020 09:01 09:01