СӨ сыанаҕа бэлиитикэтин кэмитиэтэ ахсынньы 1 күнүттэн аска-үөлгэ сыана үрдүүрүн туһунан сураҕы олоҕо суоҕунан аахта.
СӨ Сыанаҕа бэлиитикэтин кэмитиэтэ ахсынньы 1 күнүттэн бородуукта сыаната үрдүүрүн уонна эрдэттэн аһы-үөлү атыылаһарга сүбэлээбитин туһунан иһитиннэрии социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта.
«Аска-үөлгэ сыана ырыынак механизмыттан уларыйар, ол иһигэр дьыл кэмиттэн, аска наадыйыыттан, оҥорон таһаарааччылар бородууктаны оҥороллоругар төһө үбү-харчыны барыылларыттан эмиэ тутулуктаах. Сыана уларыйыыта ити чахчылартан буолар, ый бастакы күнүттэн сыана хайдах даҕаны уларыйбат», — диэн СӨ сыанаҕа бэлиитикэтин кэмитиэтэ иһитиннэрэр.
Источник: @nvk_sakha
This post was published on 16.11.2022 12:32 12:32