Премьер-миниистир Михаил Мишустин кыра аграрнай бизнес уонна тыа сирин кооперациятын өйөбүлүгэр субсидия бэриллиитин быраабылаларыгар уларытыылар тустарынан эттэ диэн, «Российская газета» суруйар.
«Бэйэ дьыалатын оҥорууга уонна сайыннарыыга граннары туттууну өссө биир сылга уһатабыт. Бу миэрэлэринэн тыа хаһаайыстыбатын поотребительскай кооперативтара, дьиэ кэргэнинэн фермердэр, бизнестарын саҥа саҕалааччылар, ол иһигэр икки сыл анараа өттүгэр өйөбүлүнэн туһаммыт аграрийдар ылыахтарын сөп«, — диэн мунньахха Михаил Мишустин эттэ.
Маны сэргэ «Агростартап» гранын былырыын ылбыт бааһынай хаһаайыстыбалар үптэрин туһаҕа таһаарыылара салҕанар.
Гранынан өйөбүлгэ 2020 сылга барыта 13 миллиард солк РФ бырабыыталыстыбата көрдө. «Маннык миэрэлэр дьоҕус уонна орто агробизнес саҕалааһыннарын ситиһиилээхтик түмүктүүллэригэр туһалыаҕа. Чуолаан кинилэр сүрүн оҥороруулара быйылгы дьылга түбэстэ», — диэтэ Мишустин.
This post was published on 07.10.2020 10:01 10:01