Эдэр суруйааччы, “Саха сирэ” хаһыат политикаҕа отделын ырытааччыта Аграфена Кузьмина өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” диэн бастакы кинигэтин сүрэхтээтэ.
Кинигэни сүрэхтиир дьоро киэһэҕэ суруйааччылар Наталья Харлампьева, Урсун, Куорсуннаах, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторо, учууталлара кэлэн эҕэрдэлээтилэр, алгыс тылларын тиэртилэр. Саха театрын артыыһа Иннокентий Луковцев кэлэн биир кэпсээни уус-ураннык ааҕан, истээччилэри сэҥээртэ. Ону тэҥэ литературнай кириитиктэр Николай Рыкунов, Саргылаана Ноева эдэр ааптар айымньыларын ырыттылар.
“Аграфена бу кинигэтигэр судургута суохтук айаннаан кэллэ. Сороҕор бытаарар, сүрүн үлэтигэр мэһэйдэтэр да курдук буолан ылар түгэннэрдээҕэ. Ол эрэн, дьоҕус, киһи кыбыстыбат кинигэ тахсыбыт. Уонча сыл эдэрдэри бүөбэйдээбиппит түмүгэ көстөн эрэриттэн үөрэбин. Проза ордук дьахталларга уустук жанр. Санааны ыспакка, аралдьыйбакка, лигиччи олорон үлэлиири эрэйэр, бириэмэни ылар. Аграфена саҕалыаҕыттан прозаны таба тайанан, ыллыктаахтык ылсан үлэлиэ диэн эрэнэбин, элбэҕи эрэйэбин”, — диэн Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева бэлиэтээтэ.
Николай Винокуров-Урсун Аграфена саха прозатыгар сэмэйдик киирдэ диэн сыаналаата. Аграфена эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар буруолуу сылдьар саҥа кинигэтин ырыттаран, аҕа табаарыстарын хайҕалын ылан, Суруйааччылар сойуустарыгар киирэргэ мэктиэлэммитинэн, өссө эбии Бүтүн Россиятааҕы “Таврида” форумҥа барарга путевка туппутунан эҕэрдэлээтэ.
“Саха сирэ” хаһыат кылаабынай редактора Чокуур Гаврильев редакцияҕа элбэх айар куттаах дьон үлэлииллэр диэн эттэ. Кини эдэр ааптар айымньылара дьиҥ олохтон ылыллыбыт буолан, киһини толкуйдаталлар диэн бэлиэтээтэ.
Аграфена Кузьмина Чурапчыттан төрүттээх. СГУ саха тылын филологиятын уонна култууратын факультетын бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай музейга, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыатыгар үлэлээбитэ.
Бу күн кинини үөрэппит учууталлара кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ ураты долгутуулаах буолла. “Үөрэппит, сыраҕын анаабыт оҕоҥ ситиһиилэнэрэ – учууталга дьоллоох түгэн. Груня устудьуон эрдэҕиттэн олус үлэһит, эппиэтинэстээх кыыс”, — диэн учуонайдар Зоя Башарина, Прасковья Сивцева, Елена Архипова эҕэрдэлээтилэр.
Мустубут дьон эдэр суруйааччы мантан кынаттанан, айар үлэтигэр өссө дириҥник ылсарыгар, тыыппалаах айымньылары суруйа турарыгар баҕардылар.
This post was published on 15.04.2016 10:47 10:47