АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалын салайааччытын э.т. дуоһунаһын туһанан, элбэх сууммалаах харчыны ылбытыгар уорбаланан, тутулунна. Бу туһунан прокуратура пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Силиэстийэ иһитиннэрэринэн, филиал салайааччыта сокуоннайа суохтук 14 мөл 700 тыһ солкуобайы 31 үөрэммэт, ол эрээри испииһэккэ баар устудьуоннар ааттарыгар ылбыт.
Пресс-сулууспа буруйга өссө икки АГАТУ үлэһитэ кыттыгастаахтарын иһитиннэрэр. Кинилэр АГАТУ ректора Иван Слепцов уонна Өктөмнөөҕү филиал салайааччытын э.т. буруйу оҥорбуттарын туһунан көрдөрүүлэри, туоһу матырыйааллары биэрэллэр.
Силиэстийэ салҕанар, холуобунай дьыала борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.
Сиһилии манна көр https://ysia.ru/i-o-rukovoditelya-oktemskogo-filiala-agatu-podozrevaetsya-v-zloupotreblenii-dolzhnostnymi-polnomochiyami/