АГАТУ агротехнологическай факультета оҥорон таһаарбыт «Сэргэх» диэн мультипробиотигын «Горнай-Ас» ТХПК ситиһиилээхтик туһанан, бастакы бородууксуйаны атыыга таһаарда. Бу туһунан университет пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Сэргэх» тэхиниичэскэй усулуобуйатын университеттан бу саас ылбыппыт. Балаҕан ыйыгар ас технологиятын уонна индустриятын кафедратын доцена Туяна Занданова биһиэхэ кэлэн бородууктаны хайдах оҥорорго үөрэппитэ. Билигин биһиги бородууксуйабыт Горнайга, Дьокуускайга атыыланар», — диир Горнай-Ас технолога Данил Сидоров.
Аһыйбыт үүттэн, пропионовокислай бактериялартан оҥоһуллубут мультипробиотигы күннэтэ иһии доруобуйаҕа туһалаах.
This post was published on 23.11.2020 18:04 18:04