Агафья сүбэтэ: Халбаһыыны бэйэҕит оҥоруҥ

Агафья Тарасова бүгүҥҥү сүбэтэ халбаһыыны оҥорууга ананар.


Эт халбаһыыта

Сытыы быһаҕынан бытархай гына ынах этин, сибиинньэ сыатын кырбаан булкуйабын. Онно ынах арыытыгар (мас арыытыгар буолбатах) ыһаарыламмыт эриэппэ луугу кутабын. Ыһаарыламмыт луук састаап амтанын тупсарар, сиикэй луук курдук аһыппат. Сөбүн көрөн туустуубун, мэлиллибит хара биэрэһи кыратык кутабын. Бу састааппын  эрдэттэн ыраастаан, сууйан бэлэмнээбит, 30-35 сантиметр усталаах чараас очоҕоско симэ кутабын. Быыһыгар кыратык аһаҕас миэстэ  хаалларбын, оччотугар эт буһарыгар очоҕос хайа барбат. Икки уһугун сабынан баайабын. Көстөрүүлэлээх ууга уган, уута оргуйдаҕына, уотун арыый мөлтөтөн, 40 мүнүүтэ устатыгар  буһарабын. Хоторон баран, противеҥҥа пергамент кумааҕытын тэлгэтэн, онно  халбаһыыбын уурабын уонна таһын киистэнэн били буспут бульонунан сотон баран, духуопка оһоххо угабын. Чараас хахтаныар диэри буһаран ылабын. Маннык эттээх халбаһыы холодильникка син өр сытар, чочунааҕы төрүт эппэппин.

Ис халбаһыыта

Сүөһү үрүҥ иһин: быарын, сүрэҕин, бүөрүн сууйан, таһынааҕы бөлүөҥкэтин хаҕылаан ылан, барытын эт эрийэринэн эрийэбин. Барытын харах холооһунунан көрөн ылабын. Атын иһиккэ ынах иһин сыатын уонна луугу бытархай гына кырбаан кутабын, туустуубун, биэрэстиибин итиэннэ ыһаарылыыбын. Ол кэнниттэн били эрийэн бэлэмнээбит састааппар булкуйабын. Даҕатан эттэххэ, ис сыатын кытары ыһаарыламмыт луук эриллибит ис амтанын бэркэ тупсарар. Салгыы эрдэттэн бэлэмнээбит чараас очоҕоспор, эмиэ кыратык миэстэ хааллара-хааллара, ыга соҕус симэ угабын. Уһуктарын сабынан баайабын. Эмиэ оргуйбут итии ууга сэрэнэн уган, сүүрбэччэ мүнүүтэ буһарабын. Буһарын саҕана аҕыйах сиринэн биилкэ уһугунан дьөлөбүн. Оһохтон таһааран, хобордооххо ууран төгүрүччү өттүттэн чараас хахтаныар диэри эргитэ сылдьан, мас арыытыгар ыһаарылыыбын. Хас халбаһыы киирэрэ хобордоох төһө улаханыттан тутулуктаах. Сойбутун кэннэ холодильникка уура сылдьан, остуолга аҕалабын. Эт да, ис да халбаһыытын элбэҕи оҥордоххо, барытын биирдэ тута буһарбакка, салапаан бакыат иһигэр биир-биир уган тоҥорор, кэлин бырааһынньыктарга киллэрэн буһаран сиир ордук. Бэйэ оҥорор халбаһыыта олус минньигэс буолар.

Убаһа этинэн бэлимиэн

Сыалаах соҕус убаһа этин бытархай кубиктарынан кырбыыбын, онно кырбаммыт эриэппэ луугу ыһаарылаан эбэбин,  туустуубун, биэрэстиибин, чочунаахтыыбын. Хаппыыстаны урут эмиэ кырбыыр этим, билигин симэһиннээх буоллун диэн, бөдөҥ хайаҕастаах түөркэҕэ түөркэлээн баран кутабын. Барытын буккуйабын, биир остолобуой ньуоска тымныы ууну кутан, эмиэ булкуйан баран, биир чаас сытыарабын. Тууһун, биэрэһин иҥэриннин. Бэлимиэн тиэстэтин охсобун, улахан төгүрүктэри быһан, бэлимиэммин  оҥоробун. Итии оргуйбут ууга уган, орто уокка буһарабын.  Хоторон, арыынан сото түһэбин итиэннэ тэриэлкэлэргэ ууран биэрэбин. Мип-минньигэс, тотоойу бүлүүдэ бэлэм.

Дырыһааҥкы

Туйаҕы мөлтөх уокка уҥуоҕа-силгэтэ арахсыар диэри уһуннук оргутабын. Сөбүн көрөн ­туустуубун, таһаарыам чаас аҥаарын курдук иннинэ сэттэ туо­раах биэрэһи, хоторуом биэс мүнүүтэ иннинэ биир лавровай сэбирдэҕи кутабын. Хоторон, итиилии хос­тоон, этин-силгэтин арааран, икки өлүүскэ чочунааҕы уонна барбах луугу эбэбин, эт эрийэринэн  эри­йэбин. Итиэннэ миинигэр кутан булкуйабын, кыратык хара биэрэһи таммалатабын. Мантан атын туманы, ол иһигэр желатины, төрүт эппэппин. Тута хартыыһа оҥоробун: ороһуол суох буоллаҕына, кыра бааҥкаҕа сылаас хойуу чэйинэн оҥороот, килиэп хаҕынан дириҥник хаппахтыыбын. Оччотугар хартыыһа аһыы буолбат, килиэп хаҕа иҥэринэр. Сылаас сиргэ уурдахха, аҕыйах чааһынан сөп буолар, чэйгэ оҥорор буоллахпына, кыра саахар эбэбин.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 10.12.2019 12:13 12:13