Афанасий Владимиров: «Азия оҕолоро» ыытыллар буолан, спорка сахалыы оонньууларга интэриэс улаатта

Дьокуускайга Комсомол болуоссатыгар «Азия оҕолоро» Оонньуулар кыайыылаахтарын уонна призердарын наҕараадалааһын үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолла. Далааһыннаах тэрээһиҥҥэ СӨ ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатыгар миниистирэ Афанасий Владимиров кытынна.


«Азия оҕолоро» ыытыллар буолан, спорка сахалыы оонньуулары, холобур, мас тардыһыытын, ыстаҥаны Россияҕа, тас дойдуларга тиийэ биллилэр, сэргээтилэр. Саха сирэ Азияҕа холобур буолла», — диир Афанасий Владимиров.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин ахсыс күнүгэр мас тардыһааччылар, национальнай ыстаныылар, курашка күрэхтэспиттэр уонна боксердар наҕараадалары туттулар.

Иркутскайтан кэлбит 15 саастаах Дмитрий Бочкарев үс кыһыл, биир боруонса мэтээллэрдээх. «Маннык улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ аан бастакыбын кытынным. Кырдьыгынан эттэхпинэ, сахалыы атах оонньууларыгар икки ый дьарыктаммытым. Бу наһаа кыраһыабай, киһини умсугутар, ол эрээри сыраны-сылбаны эрэйэр спорт көрүҥэ эбит», — диир кыайыылаах.

This post was published on 15.07.2016 16:47 16:47