Афанасий Ноев: Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбин!

Учуутал күнэ. Бу күннэргэ үгүс киһи учуутал туйгуна буоларга үөһэттэн ыйдарыылаах, айыылартан анатыылаах ытык-мааны дьонун истиҥник-иһирэхтик ахтан, барҕа махталын тириэрдэр.


Күн сиригэр төлөммөт иэс суох. Ол да сиэринэн, соторутааҕыта үбүлүөйдээх сааһын дьоһуннаахтык көрсүбүт Афанасий Ноев ытык-мааны учууталларын кытары көрсөрүн, кинилэр үлэлээн ааспыт кэмнэрин, оскуолатын дьон-сэргэ билиитигэр таһаарарын ытык иэһинэн ааҕар. Афанасий Иванович СӨ норуодунай бэйиэтэ Сэмэн Данилов: «Учуутал үлэтэ өй үлэтэ эрэ буолбатах, бу үлэҕэ ыраас сүрэхтээх эрэ киһи үлэлиир» диэн бэргэн этиитин тапталлаах учууталларыгар аныыр.

Ыраас сүрэхтээх учууталлар

Ефросинья Николаевна Иванова Хаҥалас улууһун А.В. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатыгар Афанасий Ноевы бастакы кылааска үөрэппитэ.

Мин Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын бүтэрэн баран, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа дьүөгэлэрбин батыһан үөрэнэ барбытым. Училище оччотооҕу дириэктэрэ Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ этэ. Үөрэммит кыһам учууталлара күн бүгүҥҥэ диэри иитэр-үөрэтэр араас ньыманы таба туһанан, оҕолор уйулҕаларын уратытын учуоттаан, ис кыахтарын ураннык уһугуннарар үтүөкэн үөрүйэхтээхтэр.

Учуутал идэтин ылан баран, биһикпин ыйаабыт сирбэр Нөмүгүгэ, миигин сырдыкка, кэрэҕэ уһуйбут оскуолабар өр сылларга үлэлээн, мантан үтүөлээх сынньалаҥҥа тахсыбыт дьоллоохпун.

Бу сыллар тухары төһөлөөх элбэх оҕону олох киэҥ аартыгар атаарбыппыт буолуой?

Мин үлэлиирбэр оскуола оҕолоро аан бастаан хонтуора дьиэтигэр кып-кыараҕас кылаастарга үөрэммиттэрэ. Үөрэнэ олордохторуна, батарея уута тохтон, уу бөҕө түһэн эрэйдиир этэ. Атын кылаастар саҥалара кабинет нөҥүө иһиллэ турар буолара. Маннык усулуобуйаҕа икки-үс сыл үөрэммиппит быһыылааҕа. Онтон 1979 с. бу билигин үөрэнэр саҥа оскуолабыт тутуллан, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ көспүппүт.

Саҥа оскуолабыт ыраахтан дьэндэйэн киһи эрэ хараҕын саататара. Ол эрээри, чоҕунан оттуллар буолан, улаханнык сылыппата, аллараа этээскэ биэдэрэлээх уу тоҥон хаалара. Айаҕалыы бара сатаан, иккилии миэтэрэ үрдүктээх, сирилэччи үрэр түннүктэрбитин салапаанынан сабан кыстыыр кэмнэрдээх этибит. Ону ол диэбэккэ, оҕолор, учууталлар барахсаттар үөрэнэн, үлэлээн кэллэхпит дии. Бу оскуолабыт – өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы таас оскуола этэ. Онон күн аайы кэриэтэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан биһиги оскуолабытын көрө, уопут атастаһа кэлэллэрэ. Кабинеттарбытын баай ис хоһоонноох гына оҥорбуппут, ноҕоруускалаахтык үлэлээбиппит. Оскуолабыт өрөмүөннэнэн, ситэриллэн-хоторуллан, саҥардыллан билигин сылаас, – диэн Ефросинья Николаевна Ой оскуолатыгар үлэлээбит, оҕолору сырдыкка, кэрэҕэ уһуйбут сылларын истиҥник ахтар.

Зинаида Егоровна Устинова, английскай тыл учуутала:

Мин 1973 c. Саха судаарыстыбаннай университетыгар омук тылын факультетын бүтэрэн баран, Ой оскуолатыгар анаммытым.

Оччолорго оскуолаҕа үөрэнээччи ахсаана элбэх этэ. Биир кылааска 34-35 оҕо үөрэнэрэ, биир кэмҥэ 600-чэ үөрэнээччилээх этибит. Сүрүннээн, спортивнай кылаас аһыллыбытыгар элбии сылдьыбыппыт.

Биир кэмҥэ оскуола истиэнэтин, паарталарын марайдыыр «сүүрээн» кэлэн ааспыта. Онно оҕолорго бэйэлэригэр сууйтарар буола сылдьыбыппыт. Кылаастарын бэйэлэрэ сууйаллара, сөп буола-буола олохтоохтук хомнуллара, ыраастаналлара. Хас биирдии оҕо олорор паартата ыраас буоларыгар эппиэтинэһи сүгэрэ, паартатын атын оҕо марайдаабатыгар кыһаллара. Оччоҕо ырааһы көрөн туран, хайа оҕо илиитэ баран, ньүдьү-балай быһыыланыай? Билигин санаатахха, оччолортон даҕаны бэйэни салайыныыга, олох туллар тутааҕар – үлэ барахсаҥҥа үөрэппит эбиппит.

Учууталлартан дириҥ билиини, бэйэни сайыннарыыны ирдииллэрэ. Ол курдук, хас биирдии учуутал хайаан да хаһыакка, сурунаалга суруйтарыахтааҕа. Оскуола эркинигэр сыһыарыллыбыт улахан кумааҕыга ханнык бэчээккэ суруйтарбыппытын бэлиэтиир уонна илии баттыыр этибит. Ким элбэҕи суруйтарбыт – сыаналанара. Кырдьыга да, күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүрэ биллэр буоллаҕа. Онон, учууталлар оҕолорбут хараҕын далыгар сылдьарбыт, кинилэргэ үтүө эрэ холобуру көрдөрөрбүт.

Өрөспүүбүлүкэ атын оскуолаларын курдук, биһиги киэн туттарбыт элбэх. Биһиэхэ «Инникигэ хардыы» диэн научнай-социальнай быгарымааҕа энтузиаст учуутал Прокопий Ноговицын үлэлиир. Прокопий Романович оҕолору билии-көрүү өттүнэн сайыннарар. Учуонайдар кэлэн, биһиги оҕолорбутун кытары үлэлииллэр, экспедицияларга сылдьаллар. Онон, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар тахсар оҕолорбутунан киэн туттабыт.

Аллараа Тииттээххэ селекционнай станция баара. Манна тыа хаһаайыстыбатын институтун учуонайдара, исписэлиистэрэ сайын Нөмүгүтээҕи опытнай-производственнай хаһаайыстыбаҕа тахсан, оҕолорбутун кытары үлэлииллэрэ. Василий Васильев уонна Анна Петрова курдук биолог учууталлардаах буоламмыт, Саха сиригэр мээнэ үүммэт үүнээйи, талах, мас эгэлгэтин биһиэхэ эрэ көрүөххэ сөбө. 1974-75 cc. Василий Николаевич оҕолорун кытары Бүтүн сойуустааҕы быыстапкаларга кыттан, бастакы миэстэни ылан тураллар. Кинилэргэ оскуола хас биирдии үөрэнээччитэ, учуутала бары көмөлөһөр этибит. Онтон кыһын музей оҥорбута. Дьэ, итинник энтузиаст, бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээх учууталлардаах оскуолалаахпыт.

Бастакы Президеммит Михаил Николаев билиигэ тардыһыыга улахан болҕомтотун уурбута. Оҕолорбут кыраныысса таһыгар Великобританияҕа, Америкаҕа баран үөрэнэ сылдьыбыттара. Гимназия кылаастара, Өктөм лицейэ аһыллыбыттара. Английскай тылы дириҥэтэн үөрэппиппит. Оскуоларга икки омук тылын киллэрэр, үөрэтэр сорук турбутугар биһиги оскуолабыт кытай тылын талбыта. Анлийскай тылын учуутала Людмила Борисова кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн Нигериаттан кэлбит, Нөмүгүгэ олорор күтүөппүт икки сыл кытай тылыгар үөрэппитэ. Оҕолор биология, математика уо.д.а. предметтэргэ умсугуйан туран үөрэммиттэрэ. Биир эмэ туйгун оҕо баар буоллаҕына, бары үөрэххэ тардыһаллара. Биһиги оскуолаҕа үөрэппит оҕолорбут үксүлэрэ олох долгунугар оҕустарбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, сир түннүгэ ааттанар дьон буолбуттарынан киэн туттабыт. Холобур, Павел Андреев, Станислав Жирков, Дмитрий Громов, Дмитрий Семенов уо.д.а.

Олох уларыйар, сайдыы барар. Мин оскуолаттан барбытым иккис сылым буолла. Ол эрэн, былырыын бырааһынньыкка ыҥырыллан, оскуола оҕолорун курдук көрүҥнээх, талбыт идэлэринэн үлэлииргэ баҕалаах эдэркээн учууталлары көрөн, сүргэм көтөҕүллүбүтэ.

Учуутал үөрэнээччитин туһунан

Ефросинья Николаевна:

Арай, кырачаан уҥуохтаах, көнө-көрсүө көрүҥнээх Афоня диэн оҕо мин кылааспар кэлбитэ. Бу иннинэ оҕо саадыгар сылдьыбатах, дьиэтигэр эбэтэ бүөбэйдээбит оҕо этэ. Ноевтар – биэс бииргэ төрөөбүттэр. Биһиги чугас ыаллыы олорбуппут. Афоня хара маҥнайгыттан үөрэҕэр олус кыһаллан, билиитэ-көрүүтэ эбиллэн испитэ. Онон, оҕо саадыттан балачча бэлэмнээх кэлбит оҕолору кытта тэҥнэспитэ. Маҥнайгы кылааска октябренокка ылыллалларыгар бэлэмнэммиппитин субу бэҕэһээҥи курдук өйдүүбүн. Пионерга киирии эмиэ оҕолор кырачаан сүрэхтэригэр умнуллубат төлөнү сахпыта, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан киирбиттэрэ.

Октябренок, пионер ииппит көлүөнэлэрэ буоланнар, үөрэнээччилэрим үгүстэрэ актыбыыс бэрдэ этилэр. Афоня үһүс кылааһы бүтэрэр сылыттан номнуо инники күөҥҥэ сылдьара, биир эмэ оҕо мэниктээри гыннаҕына, буойааччы, тохтотооччу кини этэ. Дьиҥэр, оннук түгэн аҕыйах да этэ. Тоҕо диэтэххэ, оччотооҕу оҕолор бэрээдэктээх, учууталы истэр, убаастыыр, лоп-бааччы майгылаах этилэр.

Афанасий Иванович, үөлээннээхтэрин курдук, аармыйаттан сулууспалаан кэлээт да, тута оскуолатыгар киирэн кэлбитэ. Бастыҥ үөрэнээччибит билигин куоракка олорорун, үрдүк дуоһунаска үлэлиирин да иһин, оскуолатын, билиигэ-көрүүгэ сирдээбит учууталларын хаһан да умнубат. Киһи үгүһү күүтэр киһититтэн көрдөбүлэ да үрдүк буолааччы. Үөрэппит оҕолорбуттан биир саамай киэн туттар Афанасийбын телевизорга көрөн, хаһыакка ааҕан, учуутал быһыытынан киэн туттабын. «Төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата» дэтэр киһи буолбутуттан үөрэбин.

Зинаида Егоровна:

Мин Афанасий Иванович үөрэнэр 6-с кылааһын салайбытым. Бу кэмҥэ обургу оҕолор мэник-тэник, элбэҕи билэ-көрө сатаан чоҕулуччу көрбүт саастара этэ. Афанасий ити да сааһыгар улахан киһилии дьоһуннаах, дьыалабыай этэ. Хас биирдии предмети ымпыгын-чымпыгын билиэн баҕарара. Ордук историяны уонна обществоведениены чорботоро, интэриэһиргиирэ. Оччолорго кылаастарга политинформацияны ыытар этибит. Онно кини куруук хантан эрэ ааҕан, истибитин оҕолорго кэлэн кэпсээн, болҕомтону тардара. Уопсастыбаннай үлэҕэ барыларыттан инники сылдьара. Хомсомуолга киирэн баран, тута хомсомуол кэмитиэтин чилиэнинэн буолбута. Ылсыбыт дьыалатыгар барытыгар ыллыктаахтык сыһыаннаһара, тиһэҕэр тириэрдэргэ дьулуһара.

Кылааһым оҕолорун кытары уулуссаҕа хаамсан иһэн, кэпсэтии быыһыгар: «Оҕоло-ор, улааттаххытына, ким туох идэлээх киһи буолуо дии саныыгыт?» – диэн ыйытарым. Инникини тымтыктанан көрбүт суох дииллэр эрээри, оҕо хараҕа кыраҕы, өйө тобуллаҕас буолар. Оҕолорум Афоняларын хайаан да дьыалабыай көрүҥнээх, баартыйалаах эбэтэр салайааччы буолуо диэн сылыктыыллара уонна наһаа астыналлара.

Киһи төрөөбүт дьонун-сэргэтин, ытык-мааны дойдутун кытта сибээһэ быһыннар эрэ, үлэтэ-хамнаһа да үөтэлээбэт үгэстээх. Оттон биһиги Афанасий Ивановичпыт дойдутун кытта сибээһин хаһан да быспат. «Сахамедиа холдиҥҥа» уонна «Медиа-холдинг Якутия» типографияҕа салайааччынан үлэлиир, «Хаҥалас» уопсастыба солбуллубат салайааччыта. Попечителлар сэбиэттэригэр үүннээх-тэһииннэх үтүө тылын тириэрдэр. Нэһилиэгин, улууһун уонна өрөспүүбүлүкэбит биир тумус туттар, аптарытыаттаах киһитэ диирбиттэн кыбыстыбаппын.

This post was published on 05.10.2016 15:24 15:24