Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, 16 чаастан Дьокуускай куоракка Национальнай библиотека историческай саалатыгар XX үйэ 90-с сылларыгар Саха сирин инники дьылҕатын түстэспит, судаарыстыбаннай, политическай деятель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллээх Палаататын бастакы Бэрэссэдээтэлэ, поэт, тылбаасчыт Афанасий Петрович Илларионовка анаммыт «Күн сирин үтүө киһи киэргэтэр» кинигэ сүрэхтэниитэ буолар.
Үтүө киһи туһунан өйдөбүлү уһатар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр – кэм ирдэбилэ. «Күн сирин үтүө киһи киэргэтэр» диэн кэргэнэ Венера Егоровна Илларионова, балта Клара Максимовна Тарабукина хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ былырыын Афанасий Петрович төрөөбүтэ 75 сылыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэҕэ аймах дьонун, үөлээннээхтэрин ахтыылара, бэчээккэ тахсыбатах хоһоонноро, доҕотторугар, аймахтарыгар анаабыт эҕэрдэлэрэ, үлэтин, олоҕун кэпсиир библиографическай ыйынньыктара таҥыллан киирдилэр.
Афанасий Петрович Илларионов бу орто дойдуга 55 сыл олорон элбэҕи ситиспитэ, үгүс үтүө дьыалалары оҥорбута, айбыта-туппута, олоҕун үлэнэн киэргэппитэ. 1993 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕар Бэрэстэбиитэллэр Палааталарын Бэрэссэдээтэлэ буолбута. Россия дьиҥ-бааччы федеративнай сыһыаннары сайыннарыы суолун тутуһарыгар дьулуһара. 1990 сылтан саҕалаан 1997 сылга диэри Саха сирэ Россияны кытта сыһыаннаһыыларын сүрүн политическай-правовой боппуруостарыгар Афанасий Илларионов кыттыспатаҕа диэн суоҕа. Судаарыстыбаннай, политическай тутулга, ордук чуолаан Федерация ис тутулугар, федеративнай сыһыаннары олохтооһуҥҥа чочуллубут көрүүлэрдээх политик этэ.
Афанасий Петрович Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация барылын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сыллаахха ылыллыбыт Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорсубута, Сойуустааҕы уонна Федеративнай Дуогабардар барылларын оҥорууга быһаччы үлэлэспитэ. Бу докумуоннар үгүс сүрүн балаһыанньалара Афанасий Петрович хайдах суруйбутунан киирэ сылдьаллар. Ил Түмэҥҥэ үлэлиир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ парламентаризм сайдыытыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай былаас cаҥa правовой базата олохсуйарыгар күүскэ үлэлэспитэ. Ол кэмҥэ тахсыбыт сокуоннар оҥоһуллууларын бэйэтэ быһаччы иилээн-саҕалаан салайбыта.
This post was published on 19.03.2018 12:34 12:34