«Аэрофлот оҕолор авиабилеттарын атыылаһыыга эконом тарыыпка 50% чэпчэтии олохтуур», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Пресс-сулууспа чахчыларынан, чэпчэтии 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн көтүүлэргэ оҥоһуллуоҕа. Хампаанньаҕа бэлиэтииллэринэн, РФ гражданнарыгар SU кодтаах рейстэригэр чэпчэтии көрүллэр.
Субсидияламмыт билиэттэр уонна атын судаарыстыбаннай чэпчэтиилэр эрдэ олохтоммут кээмэйдэринэн оннунан хаалларыллар. Ахсынньы 23 күнүгэр диэри атыылаһыллыбыт билиэттэргэ чэпчэтилэр туһаныллыбаттар.
Санаттахха, бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпииргэ дойду авиахампаанньаларыттан 50% чэпчэтии олохтуурга сорудахтаабыта. Судаарыстыба баһылыга бу проблеманы 2025 сылга тохсунньу 14 күнүгэр хойутаабакка быһаарыллыахтааҕын бэлиэтээбитэ. Ону сэргэ чэпчэтиилээх тарыыптары манипуляциялааһыны тохтоторго модьуйбута.
This post was published on 25.12.2024 12:49 12:49