«Аэрофлот» 2023 сылга субсидиялаах билиэти атыылааһыны саҕалаата. Уһук Илиҥҥи уокурук олохтоохторугар уонна чэпчэтиигэ бырааптаах дьоҥҥо ананар.
Субсидиялаах билиэт Дьокуускай — Москва хайысханан эмиэ олохтонно.
«Анал тарыыптар «Аэрофлот» уонна «Россия», «Аврора» хампаанньалар быһа рейстарыгар көрүллэллэр. Кодтара SU, хааччыллыыта экономическай кылаас», — сайтарыгар суруллар.
Чэпчэтиилээх тарыыптар 2023 бэс ыйын 2 — балаҕан ыйын 2 күннэригэр олохтоннулар, быһа рейстарга, дойду киин куоратын кытта Уһук Илин уокурук куораттарын сибээстиир.
Субсидиялаах билиэт Дьокуускай — Москва хайысханан Уһук илин олохтоохторугар 9 200 солк, чэпчэтиигэ бырааптаах дьоҥҥо 7 000 солк, 2 — 12 саастаах оҕолорго — 5 250 солк.
Чэпчэтиигэ бырааптаах дьоҥҥо киирсэллэр: Россия олохтооҕо 23 сааһыгар диэри, эр дьон 60-тан үөһэ, дьахталлар 55-тэн үөһэ, инбэлииттэр, элбэх оҕолоох ыаллар чилиэннэрэ.
This post was published on 07.12.2022 16:01 16:01