"Аэрофлот" бэс ыйын 25 күнүттэн Турцияҕа эбии көтүүлэри саҕалыаҕа

MOSCOW REGION, RUSSIA - JUNE 8, 2019: Aeroflot planes at Sheremetyevo International Airport now officially named Pushkin Sheremetyevo International Airport. Valery Sharifulin/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêîâñêàÿ îáëàñòü. Ñàìîëåòû àâèàêîìïàíèè "Àýðîôëîò" â àýðîïîðòó Øåðåìåòüåâî. Âàëåðèé Øàðèôóëèí/ÒÀÑÑ

«Аэрофлот» авиахампаанньа бэс ыйын 25 күнүттэн Москваттан Турцияҕа саҥа көтүүлэри оҥоруоҕа. Ол туһунан суруналыыстарга АХ бэрэстэбиитэлэ Михаил Демин эттэ. Билигин хампаанньа Москва — Стамбул хайысханан нэдиэлэҕэ икки рейсы оҥорор, суруйар ТАСС.


«Аэрофлот» бэс ыйын 25 күнүттэн Турцияҕа эбии көтүүлэри арыйар: Стамбул — күҥҥэ икки рейска диэри эбиллэр, Анталья — күҥҥэ биир рейс, Бодрум — күҥҥэ биир рейс, Даламан — күҥҥэ биир рейс»,- диэтэ Михаил Демин.

Кини эппитинэн, Турцияҕа маршруту кэҥэтиигэ хампаанньа «кэтээн көрүүнү ыытар уонна пассажир наадыйыытынан быһаарыы ылыан сөп».

This post was published on 21.06.2021 17:01 17:01