«Аэрофлот» 2025 сылга көтүүгэ субсидиялаах авиабилиэти атыыга таһаарда. Ол туһунан хампаанньа саайтыгар сурулунна.
«Бастакытын судаарыстыбаттан субсидиялаах көтүүлэр 23 хайысханан көрүлүннүлэр», — суруллар иһитиннэриигэ.
Субсидиялаах рейстэр:
- Москваҕа уонна төттөрү: Анадырь, Благовещенскай, Владивосток, Горно-Алтайскай, Калининград, Магадан, Петропавловск-Камчатскай, Улан-Удэ, Хабаровскай, Южно-Сахалинскай, Дьокуускай;
- Красноярскайга — Хабаровскайынан эргийэн;
- Благовещенскайга — Красноярскайынан эргийэн;
- Санкт-Петербурга уонна төттөрү: Иркутскай уонна Калининград;
- Хабаровскайга уонна төттөрү: Владивосток, Иркутскай, Магадан, Новосибирскай, Петропавловск-Камчатскай уонна Южно-Сахалинск;
- Владивостокка уонна төттөрү: Петропавловскай-Камчатскай уонна Южно-Сахалинск.
This post was published on 17.12.2024 11:01 11:01