«Аэрофлот» АХ бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, 2024 сылга субсидиялаах авиабилиэти атыыга таһаарда.
Чэпчэтиилээх билиэттэринэн туһаныахтарын сөп:
— 23 сааһыгар диэри дьон
— 60-тан үөһэ саастаах эр дьон, 55-тэн үөһэ саастаах дьахталлар
— бастакы группалаах инбэлииттэр
— оҕо саастан инбэлииттэр, 1 уонна 2 группалаахтар
— инбэлиити эбэтэр инбэлиит оҕону арыаллааччы
— элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр чилиэннэрэ.
Маны сэргэ Уһук Илин олохтоохторугар эмиэ чэпчэтии көрүллэр.
Билигин Москва — Дьокуускай, Дьокуускай — Москва хайысханан билиэттэр таҕыстылар. Ол туһунан авиахампаанньа уопсастыбаннай сибээһин департамена иһитиннэрдэ.
Сиһилии тарыыптары манна көрүҥ: https://ysia.ru/aeroflot-otkryl-prodazhu-subsidirovannyh-aviabiletov-na-2024-god/
This post was published on 14.12.2023 10:01 10:01