Федеральнайдааҕы бас билиигэ баар гражданскай авиация аэродромнарын капитальнай өрөмүөннээһиҥҥэ көрүллэр үбүлээһин бэрээдэгин миниистирдэр кабинеттара бигэргэтиэҕэ. Онно сөптөөх сокуон күүһүгэр алтынньы 26 күнүгэр киирэр.
Сокуоҥҥа олоҕуран, гражданскай авиация аэродромнарын капитальнай өрөмүөнүн ыытыы үлэтэ аэродрому арендаҕа биэрээччилэр боломуочуйаларыгар киирэр. Оттон быстах өрөмүөнүнэн уонна хааччыйыынан арендаҕа ылааччы дьарыктанар. Ороскуотун коммерческай үлэтиттэн уиирбит үбүнэн толуйунар, онтон онно төһө үп-харчы наадатын аэропорт оператора быһаарар.
Ороскуот салгын тырааныспарын көтүүтүгэр уонна олоруутугар хомуур ставкатын ааҕыыга учуоттанар.
«О государственном регулировании развития авиации» сокуоҥҥа чуолкайданарынан, РФ бырабыыталыстыбата аэродромнар капитальнай өрөмүөннэрин ыытыы үлэтин үбүлээһин быраабылаларын бигэргэтэр боломуочуйалаах.
This post was published on 26.10.2020 18:01 18:01