Кэккэ сылларга адьырҕаны бохсор үлэҕэ араас миэрэлэр туттуллаллар. Эбээн Бытантай улууһа экономика үс салаатын тэҥинэн тутар улуус буолар. Таба, сылгы иитиитин сайыннарар, чиҥэтэр сыалтан адьырҕаны кытта үлэ тиһиктээхтик ыытыллар, көҕүлүүр миэрэлэр көрүллэллэр.
Холобур, 2014 сылга- 34, 2015 с.- 45 бөрө бултаныллыбыт. Ол эрэн, адьырҕа ахсаана аччаабат.
«Адьырҕаны сүрүннээн табаһыттар бултаһаллар. Анаан булчуппут суох. Былырыын, о.э. 2023 с. 13 бөрө өлөрүлүннэ. Бу сыл тохсунньутугар 2 адьырҕа бултанна. Билигин бөрө арыый да ама. Саас тыатааҕы элбиир. Таба, сылгы иитиитигэр сүрүн кыһалҕабыт — адьырҕа кыыл. Ол иһин, быйыл адьырҕаны бултааһыҥҥа улуус дьаһалтатын кытта сүбэлэһэн саҥа көҕүлүүр миэрэлэри көрдүбүт,» — диэн улууска тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Лена Бочкарева кэпсээтэ, суруйда Бытантай уоттара хаһыат.
This post was published on 01.02.2024 15:35 15:35