Дьааҥы улууһугар ардах уутуттан Адыаччы үрэх от ыйын 9 күнүттэн хаатыттан тахсан, иирэлээн, хааһын кытта тэҥнэһэн, 13 чыыһылаттан кутталы үөскэтэн, нэһилиэктээҕи ЫБМ ыстааба мунньахтаан, суһал бэлэмнэниини биллэрдэ.
Нэһилиэнньэ дьиэлэрин малын-салын хомунан, уу ылбат сиригэр таһаардылар.
«Туус көлүйэ» көлүччэтигэр уу ыга киирэн, онтон салгыы Бөтөҥкөс күөлүгэр киллэрэн бардаҕына, куттал үөскүүр. Ону таһаарбат инниттэн суолу быһарга 10-ча киһи, 3 массыына, 2 тыраахтар тахсан үлэлээтилэр. Нэһилиэктээҕи ЫБМ ыстааба Адыаччы үрэҕин үөһээ өттүгэр баар уу таһымын кэтиир Чаркы ыстаансыйатыттан сууккаҕа биирдэ иһитиннэриини ылан, нэһилиэнньэҕэ биллэрэн иһэр. Ону таһынан биэрэккэ уу кэлиитин-түһүүтүн кэтиир дьуһуурустуба олохтонно.
От ыйын 14 күнүгэр Чаркы ыстаансыйата иһитиннэрэринэн, 8 м. 15 см. үрдүктээх уу кэлбит. Ол сарсыарда Бөтөҥкөс – Баатаҕай суолун 1,5 килэмиэтиригэр икки сиринэн уу суолу үрдүнэн таһааран, Баахыста күөлүгэр кутан эрэрин туһунан иһитиннэрии оҥоһулунна. Онон бөһүөлэк арҕаа өттүттэн уу киирэр куттала улаатан, хоту өттүттэн Лээбини толорон, чугастааҕы оттуур ходуһалары уунан толордо. Намыһах дьороотторунан уу бөһүөлэк диэки халыйан, ыга анньан кэллэ.
Бөһүөлэк эргиччи уунан туолла. Нэһилиэнньэ сүөһүлэрин тутан далга, күрүөҕэ хаайдылар, тутуу маһын, саһаан маһын баайыы, тиэхиникэни үрдүк сиргэ туруоруу, дьиэ ис-тас өттүн хомунуу үлэтэ өссө күүскэ саҕаланна. Киэһэнэн Баатаҕайга массыына барыыта тохтоото, үөһэнэн эрэ сибээс хаалла.
Манна 30-ча киһи, 3 массыына, 3 тыраахтар тахсан, суолу эбии үрдэттилэр, Баахыстаттан уу тахсыа диэбит сирдэригэр ыга буор куттулар. Бөһүөлэккэ уу киирбэтин быыһыыр сиринэн Баатаҕайдыыр суол буолар. Бу суол үрдүүр эрэ түбэлтэтигэр уу бөһүөлэги ылар куттала тохтуо этэ.
Куттал билигин оттуур сир ууга барыытыгар буолар.
This post was published on 18.07.2016 11:55 11:55