Адыаччы оскуолата урукку кэмнэргэ Николай Герасимович Божедонов, Михаил Александрович Слепцов салалталарынан экологическай ыллыктары тэрийэрэ. Сууллар хайатыгар, Осхордооххо уонна чугастааҕы кэрэ бэлиэ сирдэринэн элбэх суолу тэлбитэ, төрөөбүт дойду айылҕатын, көтөрүн-сүүрэрин үөрэппиттитэ. Ол туоhутунан былыргы кыыллар уңуохтарын мунньан, харайан туруорар палеонтологическай элбэх эксэпэнээттээх мусуой тэриллибитэ.
Дьааҥы улууһугар Адыаччытааҕы мусуойга сэдэх көстүү элбэх: зоргелия, былыргы слон, сэлии уңуохтара, түүлээх носорог кырамталара. Булумньулар Адыаччы үрэҕин кытылларыттан, суулла турар хайаларыттан көстүбүттэрэ. Бу нэhилиэгин устуоруйата ууну кытта быстыспат ситимнээҕин кэпсиир.
Экологическай ыллыктарынан билигин эдэр көлүөнэ айанныыр. Оройуоннааҕы оҕо Киинин иhинэн үлэлиир «Экотропа» дьаһал чэрчитинэн оҕолор төрөөбүт дойдуларын күhүңңү айылҕатын уларыйыыларын билистилэр. «Төрөөбүт айылҕам» хамсааhыны иилээн-саҕалаан ыытар уопсай сүрүннээччи, оскуола дириэктэрэ Дмитрий Александрович:
— Бөлөҕү координатор, оскуола тэрийэр үлэҕэ эппиэтинэстээҕэ Елена Романовна Рубцова, география учуутала Юрий Валериевич Рубцов салайан үлэлэтэллэр.
Бу күннэргэ 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Этиэ диэн ааттаах Баахыста күөлүн сынньалаң туонатыгар баран кэллилэр. Чинчийэр үлэлэригэр матырыйаал хомуйдулар. Маны таhынан сайын устата бу хайысханан элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук, оҕолор Зеленка, Адыаччы үрэхтэрин уонна Этиэ күөлүн ууларын чинчийэн уу кислотноhа, щелочноhа нуормаҕа эппиэттиирин быhаарбыттара. 7, 8, 10 кылаастар күhүнү баттаhа экологическай ыллык суолларынан бараллара былааннанар.
Адыаччы орто оскуолатын кэлэктиибэ ырааhырдыы уонна экология хайысхаларынан ыытыллар
» Ыраас уу»,» Арассыыйа уута» уо. д. а. экологияҕа туhааннаах аахсыйаларга көхтөөхтүк кыттар.
Ааптар: Раиса Чирикова
This post was published on 22.09.2021 12:03 12:03