Адыаччы нэhилиэгэр 12 үлэ, тыыл бэтэрээнэ олорор. Дьаhалта баhылыга Иннокентий Юмшанов, баhылык солбуйааччыта Валерий Стручков «Адыаччы нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэлэри кинилэргэ туттардылар.
Уоттаах сэрии 1941-1945 сылларыгар аччыктааhыны, хоргуйууну, сут кэм ыар олоҕун билбит 17 «сэрии сылларын оҕото» «Нэhилиэк сайдыытыгар кылаатын иhин» диэн бэлиэни тутта. «Бэтэрээннэр ыhыахтаабыт курдук сананныбыт, убаhа этин туттубут, уонна эмиэ мэтээл иилиннибит«, — диир Адыаччы олохтооҕо Валерий Николаевич.
Самаан сайын үрүң илгэ көтөҕүүлээх тунах ыhыахтара ыытыллыбаталлар да, саха дьонун сиэринэн бэтэрээннэри сибиэhэй убаhа этинэн күндүлээтилэр.
Саха сылгытын ыраас боруодатын үксэтэ тэнитэр адыаччылар ытык кырдьаҕастарын үтүө тылларынан истиңник эҕээрдэлээтилэр.
Норуодунай суруйааччы Моисей Ефимов «Аргыый устан намылыйар арылыйар Адыаччы» диэн хоhоонугар сайыңңы Адыаччыны ойуулаан иэйбитэ иhиллэр. Адыаччыттан сыккылла сүүрүгүрэр Туостаах таас үрэҕэ тардыллар. Аара сэлии муоhунан сураҕырар суулла турар көнө туруору сирэйдээх Сууллар хайатын көрбүт эрэ сэргиир.
Эмиэ да намыын, ардыгар дохсун сүүрүктээх үрэх дьонугар — адыаччыларга — Аҕа дойду сэриитин кыайыыга аналлаах байыаннай параад ыытыллыбыт бэлиэ күнэ
уратытык ааста.
This post was published on 25.06.2020 11:02 11:02