Саха Сириттэн Федерация Сэбиэтигэр сенатор Сахамин Афанасьев Арассыыйа Уһук Хоту оройуоннарын ыраах, уустук суоллаах-иистээх сирдэригэр энергетиканы туруктаахтык биэриини хайдах хааччыйарга туһуламмыт этиилэри киллэрдэ.
Ол туһунан кини Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академията тэрийбит Уһук Хоту ыраах сытар оройуоннары энергетиканан хааччыйыы боппуруостарын быһаарыыга эспиэрдэр былаһааккаларыгар кыттан, этии оҥороругар чопчу быһааран биэрдэ.Ол курдук, билигин көдьүүстэрэ кыччаабыт дизельнай, мазутнай уматыктар уонна чох оттугун уларытыыга, генерацияларын саҥардыыга дикуссиялааһын уонна быһаарыыны көрдөөһүн тула киэҥ кэпсэтии буолан ааста. Төгүрүк остуолу, Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэннэрдээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга уонна Хотугу дойду дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Широков салайыытынан барда.
Тэрээһин кыттыылахтара бэлиэтээбиттэринэн, Уһук Хоту сиргэ энергетиканы сайыннарыы боппуруоһугар туһуламмыт судаарыстыбаннай таһымнаах элбэх сокуоннар, докумуоннар ылыллыбыттарын үрдүнэн, билигин балаһыанньа уустук. Ол эрээри, быһаарыыны ылынар, көдьүүстээх хайысханы тобулар, тутуһар кэм кэллэ. Хоту сиргэ ыллыҥ да тута киллэрэн, уларытан барар уустук да, куттала да элбэх. Аччыгый энергетиканы сайыннарыыга инвестициялыыр бырайыактары киллэриигэ эрэгийиэннэргэ, инвестордарга да куттала элбэх. Ол гынан баран, пилотнай бырайыактары боруобалааһын чэрчитинэн киллэрэн истэххэ, сатаныан сөп диэн быһаардылар.
Сахамин Миланович бэлиэтээбитинэн, билигин кыра кыамталаах уотунан хааччыйыы суонатыгар чааһынай инвестицияны киллэрии, үлэлии турар энергетика эбийиэктэрин кэлимник саҥардыыга ыарахаттардаах. “Биллэрин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин улахан чааһа — cирин 64 %” кыра кыамталаах энергетиканан хааччыллыы суонатыгар киирэр, онно 143 дизельнэй ыстаансыйа, 27 СЭС уонна 1 ВЭС үлэлии тураллар. Сүрүн кыһалҕаларынан уматык, оттук структуратын көрдөххө, улахан бырыһыаны дизельнэй уматык ылара буолар. Ону кытта тырааныспар уустук схемата, нэһилиэнньэлээх пууннар ыраахтара, энергетика эбийиэктэрин эргэриитэ уонна тиэхэньиичэскэй өртүнэн саҥардыллар кыахтара суоҕа эбии ыарахаттары үөскэтэр. Аны бэйэлэрин киллэрэр дохуоттара кырата бэрт буолан, саҥардыыга үбү көрүү кыаллыбат.Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ энергетикатын хампаанньаларын ороскуоттара улаатар, тарыыптара үрдүүр”, — диэн сенатор быһаарарыгар сүрүн кыһалҕалары чопчулаата. Кини энергетиканы быыстала суох биэриигэ билигин баар уот кыамталарын уонна бөһүөлэктэр иһинээҕи уот линияларын саҥардыахха наада диэтэ. Ону тэҥэ бу хайысхаҕа сүрүн болҕомтону сөргүтүллэр уонна альтернативалаах энергияны биэрэр кыамталары туттууга, киллэрэн иһиигэ ууруохха наада, оччотугар эрэ энергетиканан хааччыйыы туруктаах буолуоҕа диэн быһаарда. Альтернативалаах кыамталары киллэриигэ энергетическэй хампаанньалар кыахтара кыратынан туораттан инвестордары тардыахха сөп.
Сокуону оҥорооччулар боппуруоһу дьүүллэһии кэмигэр тустаах министиэристибэлэргэ билигин үлэлии турар сайдыы үнүстүүттэрин биир баазатыгар кыра инженернэй инфраструктура сайдыытын бырайыактыыр киини тэрийэр туһунан этии киллэрдилэр.Ону тэҥэ, пилотнай бырайыагы олоххо киллэриигэ уонна кыра кыамталаах энергетикаҕа инвестициялыыр бырайыактары үбүлээһиҥҥэ 1,5 млрд. солк. үбү бүддьүөт эрэсиэрбэтигэр көрөргө сүбэлээтилэр.
Этиилэри уонна былааннары олоххо киллэрэр инниттэн “Энерджинет” Центр” оптонуомунай кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэни уонна Уһук Илин уонна Аартыка сайдыытын Корпорациятыгар РФ эрэгийиэннэрин кытта бииргэ үлэлииргэ ыҥырдылар. Онуохаҕа биисинэс моделлары боруобалааһыҥҥа анаммыт пилотнай бырайыактары олоххо киллэрэр былаһааккалары чопчулуурга сорудахтаатылар.Бу бырайыакка Саха Сирэ, Камчаатка, Красноярскай кыраай, Магадаан, Томскай уонна Архангельскай уобаластар талылыннылар.
This post was published on 16.07.2024 14:33 14:33