Абыйтан булуллубут носорогу Дьокуускайга тохсунньуга аҕалыахтара

Атырдьах ыйыгар Абый улууһун Тирэхтээх өрүс эҥэриттэн үчүгэйдик хараллыбыт носорог оҕотун бултара. 2014 сыллаахха манна «Саша» диэн носорог сорҕотун бултара, былырыын «Борис» уонна «Спарта» диэн хайа хахайдарын. 


«Носорог быһа холоон 3-4 саастаах. Ууга түһэн өлбүт курдук. Өлүк туруга олус үчүгэйдик хараллыбыт, носорог ис буотараҕын сорҕото баар. Инникитин ити чинчийиигэ көмөлөөх буолуо», — диир биологическай наука дуоктара, чинчийээччи Альберт Протопопов.

Палеонтологтар булумньу 80% хараллыылааҕын бэлиэтииллэр. Бу иннинээҕи, 2007 сыллаахха булуллубут Халыматааҕы носорог, 60% хараллыылаах диэн этэ.

Носорогу Дьокуускайга тохсунньуга аҕалар былааннаахтар. Булумньуну наукалар Академияларыгар чинчийиэхтэрэ.

This post was published on 30.12.2020 12:04 12:04