Былырыын Абыйга от үлэтин кэмигэр күн-дьыл туран биэрбэтэҕэ. Уу ходуһалары ылбыта. Былаантан 1825 туонна эрэ бэлэмнэнэн, үгүс күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ. Баар балаһыанньаны дириҥник үөрэтэн-ырытан баран, быйылгы оттооһуҥҥа былаан 2500 туоннанан ылылынна.
Хаһаайыстыба бары көрүҥүнэригэр 152 звено тэриллиэҕэ, 408 киһи үлэлиэҕэ. Үгүс звенолар илиинэн оттууллар. Толору механизированнай звено биир, механизированнай аҥардаах 43.
Ааспыт сайын «Тирэх» СХПК 200 тн. оттообута, быйылгы былаана 376 тн. тэҥ. Хаһаайыстыба сүөһүтүн-сылгытын ахсаанынан инники күөҥҥэ иһэр. Үлэни өрө туппут хоһууттар күн-дьыл этэҥҥэ буоллаҕына, туруоруммут сыалларын ситиэхтэрэ. «Кэнчээрилэр» 138 тн. оттуохтаахтар, «Муҥурдаах» 64, оттон «Кэбэргэнэ» 18 тн. былаан түспүтэ. Ураһалаах оскуолатын оҕолорун былаана ботуччу — 28 тн., оттон «Майыар» орто оскуолата — 19 тн. ТХП-лар 651 тн. оту оттоон кыстыкка киириэхтэрэ.
Абый нэһилиэгин окко соруга 270 тн., киниттэн чуут кыра былааннаах Оттоох Атах учаастага — 254 тн. Майыар — 197 тн., Муҥурдаах — 63 тн., Ураһалаах — 4 тн. былааннаахтар.
Кэтэх хаһаайыстыбаларга сыллата буоларын курдук муҥурдаахтар күөх быйаҥы сомсоллоругар былааннара улахан — 416 тн. Кинилэр кэннилэриттэн 258 тн. Абый нэһилиэгэ, майыардар 110 тн., оттоох атахтар — 78 тн. уонна ураһалаахтар 34 тн. оттуур соруктаахтар. Кэтэх хаһаайыстыбалар 896 тн. оттуурга дьулуурдарын түмүөхтэрэ.
This post was published on 10.07.2016 14:37 14:37