Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр баһаарга дьиэлэрин былдьаппыттарга саҥа дьиэ ылыналларыгар компенсация көрүлүннэ. Үбүлээһини сэттэ муниципальнай кыбартыыраҕа олорооччулар ыллылар.
Ол туһунан Майыар нэһилиэгэр бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эттэ.
«Бу харчыга сэлиэнньэҕэ кыбартыыра эбэтэр чааһынай дьиэ ылан биэриэхтэрэ. Абый оройуонугар олорор дьиэҕэ ырыынак сыаната сөптөөх, көрүллүбүт харчы иккис ырыынакка дьиэ ылыытыгар тиийэр», — диэтэ Садовников.
Атын биэс приватизациялаах кыбартыыра олохтоохторугар, 400 тыһ солк компенсация бэриллэр.
Бу сыалга, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, барыта 16 мөл солк көрүлүннэ. Бары кыһалҕалаахтарга өрөспүүбүлүкэ, муниципалитет бюджеттарыттан материальнай көмө оҥоһуллубута.
This post was published on 15.02.2023 12:02 12:02