Абый улууһун нэһилиэктэригэр биэрэпис ыытыллар

Абый улууһун ыраах уонна куһаҕан суоллаах нэһилиэнньэлээх пууннарыгар бүтүн Россиятааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ буола турар. Белай Гораҕа дьаһал сүрүн түһүмэххэ — балаҕан ыйыгар — ыытыллыаҕа.


Абый улууһугар барыта сэттэ биэрэпис суруйааччы баар. Абый нэһилиэгэр — 2, Муҥурдаахха — 1, Уолбукка — 1, Майыарга — 2, Ураһалаахха — 1.

Биэрэписчиттэр бары анал үөрэҕи аастылар, муус устар саҥатыгар. Нэһилиэнньэни кытта хайдах кэпсэтэри, ханнык ыйытыылары биэрэри, өйдөммөт түгэн таҕыстаҕына хайдах-туох буолары. Сүрүн ыйытыыларга хайдах эппиэттиири, холобур, тоҕо биэрэпис нааданый уонна киһи тус дааннайдарын хайдах туттары уонна харыстыыры, суруйар https://www.instagram.com/hotugu_kyym/

This post was published on 07.04.2021 10:01 10:01