Алтынньы 4 күнүгэр Халыма быыһааччылара Индигир өрүскэ 1983 сыл төрүөх эр киһи өлүгүн буллулар. Санатан эттэххэ, үс киһилээх түҥнэстибит тыы туһунан иһитиннэрии алтынньы 3 күнүгэр киирбитэ. Икки киһи өрүттүбүт.
Быһылаан Малыкчы бөһүөлэгиттэн 50 километр тэйиччи сиргэ буолбут. Индигир өрүскэ үс пассажирдаах оҥочо эргиллибит, икки киһи быыһаммыт, биирдэстэрэ сүппүт.
Өрүс акваториятын бэрэбиэркэлии сылдьан тимирбит оҥочону булбуттара. Быыһааччылар уонна олохтоох доброволецтар көрдүүр зонаны кэҥэппиттэрэ, сүүрүк хоту өрүс кытылын кэтээн көрбүттэрэ. Сүппүт эр киһи өлүгүн оҥочо тимирбит сириттэн 4 км тэйиччи булбуттар.
This post was published on 05.10.2022 10:03 10:03