Былырыын тохсунньу ыйга Литература сыла символическай күлүүһү Култуура сылыттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туппута. Киин бибилиотекаҕа улууска култуура уонна духуобунас сайдыыга туһуламмыт «төгүрүк остуол» ыытыллыбыта. Онно култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров уонна улуус баһылыга Михаил Никулин кыттыыны ылбыттара тэрээһин суолтатын кэрэһилиир.
Кулун тутарга Муома улууһун суруйааччылара ыалдьыттаабыттара. Делегацияҕа Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ Нулгынэт, фольклорист, суруйааччы Г.М.Федотов, Саха сирин Суруйааччыларын союһун чилиэнэ Н.М.Черемкин уонна да атыттар бааллара. Майыар уонна Муҥурдаах нэһилиэктэригэр сылдьыбыттара, араас көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ.
Литература сылыгар, биллэн турар, биһиги биир дойдулаахтарбытын, олохтоох ааптардары санаан-ахтан аастыбыт. Ол курдук, Саха сирин Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Слепцов Николай Васильевич – Абыйчанин 90 сааһын бэлиэтээбиппит. Улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн Николай Васильевич олоро сылдьыбыт дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоска ыйаммыта.
Литература сылын чэрчитинэн улууска араас ис хоһооннноох бэртээхэй кинигэлэр бэчээттэнэн таҕыстылар. Улуус историятын сырдатар, бэтэрээннэр хамсааһыннарын кэпсиир кинигэлэр күн сирин көрдүлэр.
«Хобо» түмсүү чилиэнэ, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Росия кинематографиятын туйгуна Карл Трофимович Новиков – Быйаман «Сырдык дьолу түстүүбүн» кинигэтин уонна ырыаларын диискэтин билиһиннэрии үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта.
Биир улахан сэҥээриини өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх бырааһа, үрдүк категориялаах хирург, биоэнерготерапевт Александра Константиновна Чиркова «Ойуун: одун оҥоһуу, амырыын дьылҕа” кинигэтэ ылбыта.
Литература сылынан улууспутугар өрөспүүбүлүкэбит Суруйааччыларын союһун бэрэссэдээтэлэ, народнай поэт Иван Васильевич Мигалкин ыалдьыттаабыта. «Хобо» литературнай түмсүү чилиэннэрин кытары истиҥ көрсүһүү буолбута, маны тэҥэ Иван Васильевич нэһилиэктэргэ сыдьыбыта.
Олоҥхо декадата үрдүк таһымнаахтык ааста. Декада чэрчитинэн суруйааччы Егор Дохунаев ««Атара сэлиик аттаах Абыйа Хаан бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыыны култуурунай кииҥҥэ туруорбуттара.
«Хобо» литературнай түмсүү эппиэкэ салаатын кытары Оҕо көмүскэлин күнүгэр дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕыы куонкуруһун ыыппыта. Маны тэҥэ Литература сылын чэрчитинэн араас көрсүһүүлэр, ааҕыылар, туруоруулар буоллулар.
Бу киэһэ култуура управлениетын начальнига Жанна Новкова мустубут дьоҥҥо эҕэрдэтин тиэртэ, бэлэхтэрин туттада.
Литература эйгэтигэр кылаатарын киллэрбит биир дойдулаахтарбытын ахтан-санаан аастылар. «Ааспыты ахта…» литературнай композицияны бибилиотека үлэһиттэрэ туруордулар.
«Хобо» литературнай түмсүү маннайгы састаабыттан Акулина Чиркова, Софья Сонтоева хоһоонорун аахтылар, эдэр суруйааччылар хоһооннорун дуоһуйа иһиттилэр.
«Хобо» литературнай түмсүү саҥа чилиэннэригэр дастабырыанньалар туттарылыннылар.
This post was published on 25.01.2016 15:14 15:14