Абый улууһугар ФАП тутуллар. Күһүн үлэҕэ киирэр

Майыар нэһилиэгэр «Развитие системы оказания первичной медико-санитарной помощи» регионнааҕы бырагырааманан ФАП тутуллар. Эбийиэк «Здравоохранение» национальнай бырайыагынан олоххо киирэр.


Майыардааҕы ФАП тутуута былаан быһыытынан баран иһэр, кыраапыктан хаалыы суох. Арыый эрдэлээһин бэлиэтэнэр.

Билигин ис бараана оҥоһуллар.

Эбийиэк бу күһүн үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу күнүстэри, хонуктаах үлэлиир балыыһа киэбэ буолар, суруйда https://www.instagram.com/hotugu_kyym/

This post was published on 22.04.2021 12:02 12:02