22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Абый улууһугар эдэр ыаллар дьиэлэрин бырагырааманан тутталлар

12:22, 26 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу сайын Кэбэргэнэҕэ сайылыы кэлэ сылдьан, саҥа тутулла турар дьиэ элбээбитин көрөн, дойдум сайдарыттан олус үөрдүм. Араас быһыылаах-таһаалаах дьиэлэр бөһүөлэк көстүүтүн тупсараллар, киэргэтэллэр. Тутатына кэнники 10 сыл иһинэн тутуллубут саҥа дьиэлэр хаһаайыннарын кытта кэпсэтэргэ быһаарынным.


Мария уонна Капитон Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ, 2012 сыллаахха дьиэ туттан киирбиттэр:

— Биһиги 2011 сыллаахха Иван Семенович Атласов сүбэтинэн, өйөбүлүнэн “Эдэр ыал” бырагыраамаҕа хапсаммыт, туспа дьиэ туттар кыахтаммыппыт. Сыл ахсын дьиэбитин улаатыннаран, тупсаран, бэйэбит баҕа санаабыт туолбутугар Иван Семеновичка махталбыт улахан. Аны билигин уола Иван Иванович баһылык буолан, эдэр ыал дьиэ туттарыгар  күүс-көмө буолар. Бөһүөлэкпит кэҥиириттэн, тупсарыттан астынабыт.

Анна уонна Дмитрий Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ, 2014 сыллаахха туттубуттар:

— Биһиги 2013 сыллаахха “Эдэр ыал” бырагырааматыгар киирэн, икки этээстээх дьиэ туттан олоробут. Маннык бырагыраама эдэр ыччат төрөөбүт сиригэр олохсуйарыгар улахан төһүү күүс буолар. Саҥа ыал буолбут дьон бүддьүөтүгэр улахан охсуута суох. Эдэр дьиэ кэргэн саамай бастакы баҕа санаата – туспа бэйэ уйатын туттуу буоллаҕа. Ол баҕа санаа  туолар.

Полина уонна Иван Атласовтар дьиэ кэргэттэрэ, 2017 сыллаахха дьиэ туттан киирбиттэр.

— Баҕалаах киһи сайабылыанньа суруйан, докумуон хомунан туттардаҕына, бу бырагыраама ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр буоллаҕына, дьиэлэнэр баҕа санаата туолара олус үчүгэй. Тыа хаһаайыстыбатын  министиэристибэтин бырагыраамата, кырдьык, эдэр ыалга улахан көмө. Билигин биһиги бэйэбит туспа дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолорбут иитиитинэн дьарыктанабыт.

Хайдах бу бырагыраамаҕа киирэр, дьиэ туттар туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгын Роман Гаврильевич Калининскайдыын кэпсэттим.

— 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын уурааҕынан 2018-2020 сылларга тыа сиригэр олорор дьон дьиэ туттарыгар  көмө бырагыраамата бигэргэммитэ. Бырагыраама тыа сиригэр олорор дьон уонна эдэр үлэлиир ыал дьиэ туттарыгар судаарыстыба бүддьүөтүттэн көмө оҥорор. Бу иннинээҕи да сылларга маннык өйөбүл баара. Ол гынан баран бу саҥа тахсыбыт уураах киритиэрийдэрэ кытаатан, дьон докумуон хомуйан биэрбиттэрэ ирдэбили ааспакка, испииһэккэ киирбэт буоллулар. Ол сүрүн биричиинэлэринэн сирдэрин докумуона эбэтэр уу харчылара суоҕа буолар. Улуустааҕы хамыыһыйа, улуус баһылыга 2019-2022 сылларга дьиэ туттар ыаллар испииһэктэрин бигэргэттилэр.

Быйыл Абый нэһилиэгин “Тирэх” бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Стручков Анатолий Васильевич уонна Майыар нэһилиэгиттэн Черева Сардана Гаврильевна дьиэ кэргэттэрэ бырагыраамаҕа киирдилэр. Ону тэҥэ Абыйтан эдэр ыал — Оконешникова Татьяна Ивановна дьиэ кэргэнэ.

Ааптар: Гаврил Дохунаев, http://ulus.media

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА