Абый нэһилиэгэр олорор, оҕуруот, үүнээйи арааҺын олордуунан быйыл төгүрүк 30-ус сылын дьарыктанар Антонина Иннокентьевна Соломова тэлгэҺэтигэр биир да суотай сир мээнэ хаалбат. Уурбут-туппут курдук күрүөлээх олбуор иҺэ толору сибэкки арааҺа. Бүгүн кини арбуһу хайдах үүннэрэрин кэпсиир.
Тэпилииссэ буорун күҺүн бэлэмниир ордук
Үүнээйим отун ыраастыыбын, көбүтэбин уонна ынах кур киитин кутабын. Саас эбии сибиэҺэй сылгы сааҕын эбэн булкуйабын. Ол ордубутун күҺүн буорбар эмиэ эбэн биэрэбин. Помидор буоругар элбэҕи кутабын, бу биологическай итиини биэрэр. Абыйга Иван-чай сибэкки олус дэлэйдик тэнийэн үүнэр. Онон саас үүнэн тахсыбыт отун силиҺин хомуйан, өссө биирдэ көбүтэн биэрэбин. КүҺүн рассадаҕа диэн ортотунан 200 киилэ перегнойдаах буору улахан иҺиттэргэ кутан бэлэмниибин. Маныаха помидор үүммүт буора барсыбат, силиҺэ элбэх.
Тэпилииссэҕэ үүнээйини олордуох иннинэ бастаан 1 кв.м. сиргэ ортотунан 800 мл. баанкаҕа оҺох күлүн кутан ыҺабын уонна маргаанкалаах итии ууну кутабын. Маргаанканы уу өµө уларыйарын курдук (оруосабай) кыратык таммалатабын. Бу буорга баар үөн-көйүүр личииµкэлэрин өлөрөр. Маннык ньыманы туҺаныы үүнээйини араас ыарыыттан харыстыыр, буору эмтиир. Ол түмүгэр үүнээйилэр ыалдьыбаттар.
Арбуз
Дьокуускай куоракка бардахпына эбэтэр Белай Гораҕа түбэҺэ түстэхпинэ хап-хара сиэмэлээх арбуҺу быстаран ылабын. Уонна бу сиэмэбин илиппэккэ буорга анньабын. Үүнүүтэ быдан түргэн. Бастаан 2-3 устууканы олунньу 23 күнүттэн рассадалаан саҕалыыбын. Оччоҕо ыам ыйын 28-гар, тиҺэх чуораан күнүгэр, бастакы арбузпутун сиибит.
Оҕолорум бу күнү олус күүтэллэрэ. Билигин кинилэр ыал аҕата буолан, дьиэ уот тэринэн, туспа олороллор. Иккиспин кулун тутарга олордобун. Ыам ыйын 24 күнүгэр тэпэлииссэҕэ таҺаарабын. Арбуз 60-65 хонуктаах. Сарсыарда аайы ууҺатабын, 2 күн оµоробун. Дьахтар сибэкки 8 сыыпараҕа маарынныыр буолар. Онтон эр киҺитэ төкүнүк. Отоно чугас-чугас үүммүт буоллаҕына, аҺа улааппат. Ойоҕостуу оту ыыппаппын. УуҺатыы кэнниттэн 18 күнүнэн арбузпут кокос буолар. 25 күнүнэн иҺэ кубархай кыҺылга кубулуйар. 35 күнүнэн – кып-кыҺыл, ол эрэн сиэмэтэ сырдык. 45 күнүнэн – сиэмэтэ хараарар, дьэ, быҺан сииргэ сөп буолар. Онтон уҺуннук туруордуµ да, уостан барар. Сылын аайы 15 арбуҺу рассадалааммын 30-ча отону ылабын. Чугас ыалларбын, аймахтарбын күндүлүүбүн, диэн суруйда Александра Заровняева https://www.instagram.com/hotugu_kyym/
This post was published on 28.05.2021 18:01 18:01