Абитуриеннар үрдүк үөрэххэ докумуону тэйиччиттэн туттарыыга электроннай илии баттааһыннаах буолуохтаахтар

Былырыын атырдьах ыйыгар РФ үөрэххэ министиэристибэтэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирии бэрээдэгин бигэргэппитэ. Онно олоҕуран докумуону электроннай киэбинэн тутуу ыытыллыбыта. Билигин абитуриент тэйиччиттэн туттарыыга докумуону таһынан, электроннай илии баттааһынын сэртипикээтин (УКЭП) бэлэмниэхтээх.


УКЭП сэртипикээтин Россия сибээскэ министиэристибэтинэн аккредитацияны ааспыт Бигэргэтэр киинтэн ылыллар.

Оннук киинтэн биирдэстэринэн — Росреестр Федеральнай кадастровай палататын бигэргэтэр киинэ буолар.

УКЭП сэртипикээтин ылыыга uc.kadastr.ru саайка регистрацияланыахтааххын, тус кабинекка киирэн бэлиэтэнэҕин уонна өҥө иһин төлүүгүн. Пааспар, СНИЛС, ИНН наадалар.

Сиһилии манна аах: https://ysia.ru/abiturientam-nuzhno-poluchit-elektronnuyu-podpis-dlya-distantsionnoj-podachi-dokumentov-v-vuz/

This post was published on 19.04.2021 16:01 16:01