Ааспыт сылга ыал буолуу уонна арахсыы элбээбит

Андрей Сорокин, ЯСИА

Саха сиригэр 2022 сылга ыал буолуу 20%, арахсыы 5% улааппыт. Ол туһунан үлэ министиэристибэтэ СИА-ҕа эттэ.

Тохсунньу — сэтинньи ыйдарга 6 112 ыал буолуу бэлиэтэммит, бу 20,1% элбэх 2021 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ. 2022 сылга 4 070 арахсыы баар, 4,7% ааспыт сылтан элбэх.

Санаттахха, 2021 сылга ыал буолуу уонна арахсыы, иннинээҕи сылы кытта тэҥнээтэххэ, эбиллибитэ бэлиэтэнэр. Оччолорго ыал буолуу, 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1110-нан элбэх, 937-нан арахсыы эбиллибит.

This post was published on 02.02.2023 14:32 14:32