Госавтоинспекция пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2015 сылга сүрүн сыал-сорук суолга саахал аҕыйыырыгар туһуламмыт. 2014 сылы кытта тэҥнээтэххэ, ааспыт сылга суол быһылаана 7 %-нан, араас эчэйиини ылбыт дьон ахсаана 6 %-нан, өлбүт дьон ахсаана 16 %-нан аҕыйаабыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 994 суол быһылаана бэлиэтэммит, 117 киһи суорума суолламмыт, 1256 киһи эчэйии ылбыт.
“Буруйу оҥорууну сэрэтии, уопсастыбаннай бэрээдэги хааччыйыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, Госавтоинспекция былырыын үһүс «КамАЗ» массыынатын ылбыт. Ити “сүүрэ сылдьар” постар үлэҕэ тахсыахтарыттан, федеральнай суолга суол быһылаана 24 % -нан, олохтоох суолларга 21 %-нан аҕыйаабыт.
Дьон суолга “саарбахтык” айаннаан иһэр массыыналарга болҕомтотун уурар буолбутун, 1500-тэн тахса иһитиннэрии киирбитэ туоһулуур. Итинтэн 525 иһитиннэриинэн итирик суоппардар тутуллубуттар. Биллэрин курдук, ааспыт сыл от ыйын 1 күнүттэн киирбит сокуонунан, массыынаны арыгы иһэн баран ыыта сылдьар киһи иккис төгүлүн оннук түбэстэҕинэ итиэннэ медосвидетельствование барартан аккаастаннаҕына, холуобунай дьыала тэриллэр. Ол курдук, 2015 сылга итирик суоппар буруйунан тахсыбыт 58 суол быһылааныгар 14 киһи суорума суолламмыт, 86 киһи араас эчэйии ылбыт.
Маннык дьыалаларга номнуо суут бириигэбэрдэрэ тахсыбыттар: биир киһи көҥүлэ быһыллыбыт, үс киһи усулуобунай миэрэнэн накаастаммыт, аҕыс киһи 100-тэн 200 тыһ.солк. диэри сууманан ыстарааптаммыт, 33 киһи булгуччулаах үлэҕэ ууруллубут, биир киһи, бэл диэтэр, массыынатын былдьаппыт (“конфискация”). Маны таһынан, бу сууттаммыт дьон бары 12-тэн 36 ыйга диэри болдьоххо массыына ыытар бырааптара быһыллыбыт.
Суол быһылааннарын сэрэтэр сыалтан ГИБДД инспектордара бээтинсэттэн саҕалаан, өрөбүл күнү хабан туран, күүһүрдүллүбүт режиминэн үлэлииллэрэ ирдэбил буолла. Оттон болҕомтолоох гражданнар, быраабыланы тутуспакка айанныыр массыынаны өйдөөн көрөн, 127, 47-35-69, 02 нүөмэрдэргэ эрийэн биллэрдэххитинэ, дьон олоҕун быыһыаххытын сөп.
Ааспыт сылга, хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон кыттыылаах, буолаары буолан, киһи өлүүлээх суол быһылааннара тахсыбыттара. Ол дьыалалар тустарынан, тугун-ханныгын куруук ыйыталаһаллар. Ол иһин бүгүн кылгастык санатан аһарыым.
Эрнст Березкин дьыалата. 2015 сыл олунньу ыйыгар Березкин Аһыма уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэрин икки ардыларынааҕы суолга «Тойота Лэнд Крузер» массыынатынан айаннаан иһэн, тохтоон турар “УАЗ” массыынаҕа саайыллан, массыына иннигэр турбут эдэр киһи ылбыт эчэйиилэриттэн тыына быстыбыта.
Березкиҥҥа РФ Холуобунай кодексатын 264-с ыст. 3-с чааһынан, ол эбэтэр, суол быраабылатын кэһэн, сэрэҕэ суохтан киһини өлүүгэ тиэрдии бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэриллибитэ эрээри, от ыйыгар сабыллыбыта. РФ Госдуматын “Улуу Кыайыы 70 сылынан амнистияны биллэрии” уурааҕар сөп түбэһиннэрэн. Бу уураахха олоҕуран, 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы накаастабыллаах, сэрэҕэ суохтан оҥоһуллубут буруйдар уорбаланааччыларын уонна буруйданааччыларын барыллааһын силиэстийэҕэ сылдьар холуобунай дьыалалара сабыллаллар.
Николай Лугинов дьыалата. 2015 сыл балаҕан ыйыгар Покровскайдыыр суолга норуодунай суруйааччы Дьокуускай диэки айаннаан иһэн, массыыната утары суолга тахсан, «Тойота Филдер» массыыналыын харсыһан, ол түмүгэр, биир саастаах оҕо өлбүтэ, үс саастаах уолчаан балыыһаҕа киллэриллибитэ. Иномарка уруулугар оҕолор 28 саастаах ийэлэрэ олорбут. Бу чахчынан эмиэ РФ Холуобунай кодексатын 264-с ыст. 3-с чааһынан дьыала тэриллэн, ахсынньыга силиэстийэлэнэн бүтэн, буруйдуур түмүк бигэргэнэн, суут көрүүтүгэр барбыта.
Онтон Дьокуускай куорат федеральнай суута дьыаланы бу дьыл тохсунньутугар саппыт. Суут быһаарбытынан, Лугинов урут сууттана сылдьыбатах, үчүгэй характеристикалаах, барыллааһын силиэстийэ кэмигэр буруйун толору билиммит, буруйу арыйыыга уонна силиэстийэлээһиҥҥэ көмө буолбут, оҥорбутун кэмсиммит, баҕа өттүнэн хоромньуну төлөөбүт. Дьыала сабыллыбыт – “в связи с деятельным раскаянием” диэн.
Евгений Грибчатов дьыалата. 2015 сыл сэтинньи ыйыгар киин куорат Киров-Лермонтов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар “Якутия” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ джибинэн “көтүтэн” иһэн, эмискэ хаҥас диэки туораан эрэр оптуобуска кэтиллимээри, туора салайан, светофор аттыгар турбут үс киһини түҥнэри көппүтэ: эр киһи балыыһаҕа тыына быстыбыта, дьахтар уонна кыыс улаханнык эмсэҕэлээбиттэрэ. Бу чахчынан холуобунай дьыала эмиэ 264-с ыст. 3-с чааһынан тэриллэн, билигин да силиэстийэлэнэ сылдьар.
Уопуттаах силиэдэбэтэллэр этэллэринэн, суол быһылааннарыгар куруутун кэриэтэ киһи буруйдаах буолар (“человеческий фактор”). Халлаан хайдаҕа, суол туруга, о.д.а чахчылар “арыаллааччы” эрэ буолаллар. Дьиҥэр, дьон суол быраабылатын билэр эрээри, биир быстах санааттан (ситиэм, ааһа түһүөм, быһа түһүөм, эргитэ тутуом уо.д.а диэн) көннөрүллүбэт содулга тиэрдэллэр.
Ити курдук чыпчылҕан түгэн киһи дьылҕатын быһаарар: ким эрэ дьыалаҕа эриллэн, эрэйгэ тэбиллэр, ким эрэ олоҕун тухары инбэлиит буолар, ким эрэ суорума суолланар.