Ити 2014 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 1 %-нан эрэ аҕыйах. Ол иһигэр, ыар буруй 25 %-нан аҕыйаабыт эбит буоллаҕына, ураты ыар буруй ахсаана 40 %-нан элбээбит. Бу туһунан бүгүн РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын салалтатын пресс-конференциятыгар иһитиннэрдилэр.
Управление салайааччыта, генерал Олег Мезрин бэлиэтииринэн, оҕолору атаҕастааһын чахчылара өрөспүүбүлүкэҕэ сылын аайы тахса тураллар. 2015 сылга 5 өлөрүү, доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини оҥоруу 7 түбэлтэтиттэн иккитигэр өлүүгэ тиэрдии чахчылара бааллар. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону күүһүлээһин 10 %-нан аҕыйаабыт.
Дьоҥҥо биллибит айдааннаах дьыалалартан сорохторо силиэстийэлэнэн бүтэн, суут бириигэбэрдэрэ тахсыбыттар. Ол курдук, Сунтаарга 5 ыйдаах оҕотун атыылыы сатаабыт ийэ холуобунай дьыалата силиэстийэлэнэн бүппүт. Нерюнгрига 7 саастаах инбэлиит кыыһын кырбаан өлөрбүт ийэ 8 сылга көҥүлэ быһыллыбыт. Өлүөхүмэҕэ сайылыы кэлбит 6 саастаах сиэн быраатын араастаан муҥнаан өлөрбүт киһийдэх 13 сылга көҥүлэ быһыллыбыт. Томпо олохтооҕо бииргэ олорор дьахтарын икки кыра саастаах кыыс оҕотун 8 сыл устатыгар сылдьыһар дьайыылары оҥорбут дьыалата силиэстийэлэнэн бүппүт.
Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо өлүүлээх баһаардар буоланнар, дьиксиниини үөскэттилэр. Аҥардас тохсунньу-олунньу ыйдарга Дьокуускай куоракка, Абыйга уонна Үөһээ Бүлүүгэ холбоон 7 оҕо суорума суолланна.
Силиэстийэ уорганнара маннык дьыалалар түмүктэрин ырытан көрүүлэринэн, үксүгэр биричиинэтэ биир – оҕону көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыы, төрөппүттэр өттүлэриттэн оҕолоругар болҕомто уонна кыһамньы суоҕа. Итинтэн сиэттэрэн, РФ СК Саха сиринээҕи управлениета Ил Дархаҥҥа уонна Бырабыыталыстыбаҕа оҕолор өлбүт чахчыларынан, итинник буруйдары сэрэтэр үлэҕэ чопчу этиилэрдээх суруктары бэлэмнээбит.
Маны таһынан, төрөппүт эппиэтинэһин күүһүрдэр сыаллаах сокуону оҥорууга управление быһаччы кыттыбыт. Бу сокуон барыла билигин Ил Түмэҥҥэ киирбитэ.
Бу пресс-конференцияҕа бастакы ыйытыы “Сиинэ оҕолорун” дьыалатын туһунан буолла. Бу холуобунай дьыала силиэстийэтэ 2014 сыл ахсынньы ыйыгар тохтообута. Билигин да буруйга уорбаланааччы кимин быһаара иликтэр.
This post was published on 16.02.2016 14:02 14:02