Ааспыт сыл сүрүн ситиһиитинэн «Хотугу таһаҕаһы тиэйии» сокуона буоларын бэлиэтээтилэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт

2024 сылга хотугу таһаҕаһы таһыы эйгэтигэр саамай суолталаах түгэнинэн ааспыт сыл муус устар ый 1 күнүгэр «Хотугу таһаҕаһы тиэрдии туһунан» федеральнай сокуон олоххо киирбитэ буолар, суруйда Сайаана Львова, Саха сирэ саайт.

СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ биир сүрүн соруга – тыйыс усулуобуйалаах хоту сиргэ олоххо наадалаах табаардары тиэрдиини хааччыйыы буолар.

Былырыын ахсынньыга федеральнай координатор – РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ тэрийиитинэн «Хоту сиргэ таһаҕаһы тиэрдии» стратегическай сиэссийэ аан бастаан ыытыллыбыта. Сиэссийэ кэмигэр билиҥҥи туругунан биһиги өрөспүүбүлүкэбит хоту таһаҕас таһыытын тэрийиигэ уонна сүрүннээһиҥҥэ биир бастыҥ эрэгийиэнинэн буолар диэн бэлиэтэммитэ. Ол курдук эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай былаас уорганнарын, атыылаһааччы тэрилтэлэрин, таһаҕас таһааччылар уонна хааччыйааччылар икки ардыларыгар сөптөөх систиэмэлээх үлэ олохтоммута холобурга турбута. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ боломуочуйалары үллэстиигэ, тиэрдиигэ уонна бырабыыталыстыба хамыыһыйаларын тэрийиигэ, навигация кэмигэр уонна кыһыҥҥы өттүгэр тиэйии-таһыы былааннаммыт кээмэйин бигэргэтиигэ нормативнай-сокуоннай аакталар бааллара эмиэ үчүгэйинэн сыаналаммыта.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хотугу тиэйии уратыта диэн, таһаҕас сүрүн кээмэйэ кылгас навигация кэмигэр өрүс суолунан тиэллэн, салгыы кыһыҥҥы сезоннай суоллар кэмнэригэр суол тырааныспарынан тиийэр сирдэригэр тиэрдиллэр. Бу сыл аайы чуолкай систиэмэни уонна анал хонтуруолу ирдиир олус уустук процесс.

2023-2024 сыл кыһыҥҥы кэмигэр 709,2 тыһыынча туонна олоҕу хааччыйар таһаҕас таһыллыбыта, ол эбэтэр былаан 101,2% (700,6 тыһыынча туонна) туолбута. Уопсайа тиэйиигэ-таһыыга 900-тэн тахса тиэхиньикэ кыттыбытыа.

2024 сыллааҕы навигацияҕа Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын уонна хаһаайыстыбаннай субъектарын хааччыйыыга 1 187,0 тыһ. туонна кээмэйдээх таһаҕас тиэйиллибитэ. Уопсайа 1 189,1 туонна эбэтэр былаантан 100,2% тиэрдиллибитэ.

Ааспыт сыллааҕы навигация кэмигэр 769  суудуна, ол иһигэр 502 таһаҕас таһар флот, 223 тэхиньиичэскэй флот, 44 пуортар кырааннара туһаныллыбыттара.

Бэлиэтээн эттэххэ, сыл аайы Дьааҥы өрүһүнэн навигация  уустук кыһалҕанан буолар. 2024 с. Дьааҥы өрүскэ сүрүн учаастакка уонна өрүскэ уу аҕыйаҕа кыһалҕаны үөскэппитэ. Ол да буоллар, кыһыҥҥы суоллар аһыллыахтарын иннинэ, Усуйаана бөлөҕун улуустарын оттугунан уонна энергетическэй ресурсаларынан хааччыйыы ситиһиллибитэ.

This post was published on 20.01.2025 12:09 12:09