Ааспыт сууккаҕа түөрт ойуур баһаарын тохтоттулар

Бэс ыйын 25 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 23 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

Алта уот Мииринэйгэ, түөрт — Уус Майаҕа, үс — Алдаҥҥа, иккилии — Ленскэйгэ, Томпоҕо, Өлүөхүмэҕэ, Эдьигээҥҥэ, биирдии — Бүлүүгэ, Ньурбаҕа баар. Уот сиэбит сир уопсай иэнэ 35 914 га.

Билигин 15 баһаары тохтотууга ылсаллар. 650 киһи, 17 техника кыттар.

Ааспыт сууккаҕа үс баһаар тохтотулунна — Уус Майаҕа, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, уопсай иэн 3881 га, Томпоҕо, Орто Халымаҕа, Нерюнгрига бохсулунна, уопсай иэн 3535 га.

Биэс сиргэ саҥа умайыы бэлиэтэннэ: Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Мииринэйгэ.

This post was published on 25.06.2022 16:33 16:33