Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр үс киһини өлөрдүлэр

Фото Андрей Сорокин/ЯСИА

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа үс өлөрсүү буолла диэн, кулун тутар 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ прокуратурата билиһиннэрдэ.

Дьокуускайга эр киһини уонна дьахтары, Уус-Майаҕа эр киһини өлөрдүлэр. Буруйу оҥоруу ымпыга-чымпыга билиҥҥитэ биллэ илик. Итиэннэ, күүһүлээһин туһунан сайабылыанньа киирдэ.

Икки киһи массыанньыктар сиэртибэлэрэ буоллулар. Ол курдук, Алдан оройуонугар биэнсийэлээхтэн 529 тыһыынча солкуобайы, Ленскэй оройуонугар эмиэ саастаах киһиттэн 421 тыһыынча солкуобайы уорбуттар. Ону тэҥэ бэҕэһээ үс баһаар бэлиэтэннэ, өлбүт уонна эмсэҕэлээбит киһи суох.

This post was published on 07.03.2023 15:03 15:03