Саха сиригэр сууккаҕа коронавируһунан 85 киһи ыарыйда, 8 киһи балыыһаҕа киирдэ, 87 киһи үтүөрдэ. Бу туһунан муус устар 13 күнүгэр сарсыарда регионнааҕы оперштаб биллэрдэ. Дьокуускайга 44 киһи COVID-19 ыарыыга хаптарда диэн СИА иһитиннэрэр.
Сунтаар оройуонугар 8 киһи ыарыйда, Ленскэйгэ – 5, Горнайга, Уус Алдаҥҥа уонна Хаҥаласка-4-түү, Алдаҥҥа – 3, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Уус-Маайа улуустарыгар – 2-лии, Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ уонна Томпо оройуоннарыгар — 1-дии. Амбулатория усулуобуйатыгар 97,8% ыарыһах эмтэнэр.
Санатан эттэххэ, туруктаах иммунитеттанар туһугар ревакцинация наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ ревакцинацияланар болдьохторо кэлбит дьонтон 78% хат быһыыны ылбыт.
This post was published on 13.04.2023 11:05 11:05