Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа Амма, Дьааҥы уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар үс ойуур баһаара суох оҥоһулунна, уопсай иэнэ 126,9 га. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Суукка саҕаланыытыгар Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Нам, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма уонна Томпо оройуоннарыгар 9 143,7 гектар иэннээх 13 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итинтэн Бүлүү оройуонугар 9,5 гектар иэннээх биир баһаар бохсулунна.
Баһаары умуруорууга 195 киһи уонна 3 техника үлэлээтэ. Авиациянан кэтээн көрүүгэ 12 сөмөлүөт, умуруорууга икки бөртөлүөт былааннанар.
Саҥа көстүбүт баһаары маҥнайгы сууккаҕа умуруоруу түргэнэ 49,64 % (50% кэриҥэ).
Өлүөхүмэ, Чурапчы уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар, ону таһынан Жатайга уонна Дьокуускайга территориальнай анал баһаартан сэрэтэр эрэһиимнэр олохтоноллор.
This post was published on 11.09.2025 16:28 16:28